Бүлүү өрүскэ мууһу дэлби тэптэрии иккистээн ыытыллыа
Бэҕэһээ Бүлүү өрүскэ муус харан, уу таһыма үрдээн ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ олохтоммута. Харыы тахсыбыт сиринэн мууһу дэлби тэптэрбиттэрэ.
Бэҕэһээҥи дэлби тэптэрии көдьүүһү биэрбэккэ, Ньурба улууһугар бүгүн иккистээн ыытыллыахтара диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников иһитиннэрэр.
Марха өрүс төрдүттэн аллараа уонна Сата арыытын аттыгар муус харан турар. Марха өрүс уҥа кытылыгар Дьаархан сэлиэнньэтигэр уу таһыма үрдээн иһэр.
«КЧС мунньаҕар эппиттэрин курдук, 7 дьиэ уонна 2 хотон ууга бардылар. Уу ылыан сөптөөх сиригэр оскуола, оҕо уһуйаана, 15 дьиэ бааллар. Билиҥҥи туругунан, 26 киһи аймахатрынан көстүлэр. 100 миэстэлээх Быстах кэмҥэ олорор пуун бэлэм. Хатыҥ Сыһыыга барар суолу уу суурайда. Бүлүү өрүскэ уу таһыма таһыма үрдээн Ньурба уонна Антоновка ууга барар кутталлаахтар. Дэлби тэптэрэр бөлөх билигин улуус киинигэр баар. Бүгүн сарсыарда 7 чааска «Полярные авиалинии» Ми-8 бөртөлүөтэ эбии дэлби тэптэрэр сириэстибэни илдьэ көттө. Мууһу иккистээн дэлби тэптэрии көдьүүстээх буолуо», — диэн Дмитрий Садовников санаатын үллэстэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: