Салгыы
“Бүлүү” федеральнай суол управлениета аны Тааттаҕа, Томпоҕо суолу оҥоруоҕа

“Бүлүү” федеральнай суол управлениета аны Тааттаҕа, Томпоҕо суолу оҥоруоҕа

07.10.2022, 17:57
Бөлөххө киир:

“Халыма” федеральнай суол Аллараа Бэстээхтэн Чурапчыга диэри аспаалланна. 2030 сылга диэри аспаал суол Хаандыгаҕа тиийиэҕэ. Бу туһунан бүгүн “Бүлүү” федеральнай суол управлениетын начальнига Николай Андреев “Р-504” трасса үөрүүлээх аһыллыытын кэмигэр иһитиннэрдэ.

Санатан эттэххэ, “Бүлүү” федеральнай суол управлениета бу суолу оҥорууга 2018 сыллаахтан үлэлэһэр. Оччолорго суол быстар мөлтөх туруктааҕа.

Ити сыл биһиги Халыма суолун “Р-504” учаастагын ылбыппыт. Учаастагы ыларбытыгар суол олус мөлтөх туруктаах этэ. Ардах, самыыр түстэҕинэ айан уустугурара. Үлэбитин ылан бараммыт былааннанан суоллары кэрчиктэринэн арааран үлэлээн барбыппыт. Өрөспүүбүлүкэбит үбүлүөйүгэр суолбутун туттарыахпыт диэн үс сыл устата тохтоло суох үлэлээтибит. Онон бүгүн, түгэнинэн туһанан, суолу оҥорооччуларга, бэйэбит үлэһиттэрбитигэр, исписэлиистэрбитигэр барҕа махталбын тиэрдэбин. Итини таһынан бырайыактыыр тэрилтэлэрбитигэр махтанабын. Кылгас кэм иһигэр суоллар бырайыактарын барытын оҥорон, биһиэхэ олус улахан көмө-тирэх буоллулар. Ол түмүгэр ылбыт учаастакпытын эрдэ бүтэрдибит, — диэн этэр Николай Иванович.

Управление Халыма суолун аспааллааһыҥҥа салгыы да үлэлэһиэҕэ. Былаан быһыытынан, суол 2025 сылга Ытык Күөлгэ, 2030 сылга Хаандыгаҕа диэри тиийиэхтээх.

Салгыы да былааммыт киэҥ, Тааттаҕа, Томпоҕо тиийиэхпит диэн бигэ эрэллээхпин. Бу иннинэ Бүлүү федеральнай суолугар Бэрдьигэстээххэ диэри суолу аспааллаан туттарбыппыт, Марха өрүһү туоруур улахан муостаны туппуппут. Көрөргүт курдук, федерация өттүттэн көмө баар буоллаҕына улахан бырайыактар олоххо киирэн иһэллэр, — диэн бэлиэтиир кини.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: