Бүлүү Хаҕыныгар — Сылгыһыкка анаммыт пааматынньык
09.05.2023, 18:00
Хаартыска уонна видео -- ЕленаПотоцкая
Бөлөххө киир:
Бүлүү улууһун Хаҕын нэһилиэгэр араас пааматынньык үгүс.
Олохтоох дьаһалта баһылыгынан үлэлиир кэмигэр Оксана Еремеева 2010 сыллаахха Улуу Кыайыы иннинэ Сылгыһыт пааматынньыгын Бүлүү улууһун аатырбыт тимир ууһугар Николай Степановка сакаастаан оҥотторбут.
— Сэрии ыарахан сылларыгар 100 биэттэн 99 кулуну ылбыт аатырбыт сылгыһыттар бааллара. Кинилэргэ уонна араас сылларга тахсыылаахтык үлэлээбит нэһилиэкпит бастыҥ дьонун ааттарын үйэтитэр искибиэрбитигэр сылгыһыттар хаартыскалара, ааттара-суоллара, туох ситиһиилээхтэрэ суруллубут сэргэлэр элбээн иһиэхтэрэ«, — диэн бэлиэтээтэ Оксана Христофоровна.
Ити курдук, Бүлүү Хаҕыныгар Үлэ киһитигэр Сылгыһыкка анаммыт пааматынньык — үгүс нэһилиэк баһылыгар бастыҥ холобур.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: