Бүгүн, муус устар 7 күнүгэр, Бүлүү улууһун Хампа нэһилиэгин олохтоохторугар үөрүүлээх бэлиэ түгэн тосхойдо.
Хампалар 1921 сыллаахха аһыллыбыт Ааҕар балаҕантан саҕалаан, «бу 5-с кулууппут аһылынна» диэн бэлиэтииллэр.
1932 сылтан Орто Бүлүүтээҕи холкуос кулууба тоҕус нэһилиэги хабан үлэлээбит. 1948 сыллаахха Өргүөт Сэбиэтин кулууба, 1970 сыллаахха нэһилиэккэ икки мэндиэмэннээх саҥа кулууп тутуллубут. Бу бэйэтин кэмигэр уоттаах-төлөөннөх үлэ барбыт кулууба эргэрэн, дьиэни көтүрэргэ күһэллибиттэр.
Уонча сыл буолан баран, эргэ кулууп турбут сиригэр бу бүгүн 21 үйэҕэ үөрүүлээх бырааһынньыгы түстээбит «Эрэл» Норуот айымньытын киинэ аһылынна. Үгэс быһыытынан бастаан алгыс уонна арчылааһын сиэрэ-туома буолла.
Онтон долгутуулаах түгэн үүннэ — СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистири 1-кы солбуйааччы Афанасий Ноев, Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Винокуров, «Эрэл» Норуот айымньытын киинин дириэктэрэ Александра Семёнова кыһыл лиэнтэни быһан, кулууп дьиэ айар аартыгын арыйдылар.
Үөрүүлээх быһыыга-майгыга Норуот айымньытын дьиэтин туппут «Элитстрой» ХЭУо салалтата култуура киинин дириэктэригэр Александра Семеноваҕа Дьиэ күлүүһүн символын туттарда.
Олохтоох дьаһалта баһылыга Афанасий Тимофеев: «Норуот айымньытын дьиэтэ улуус бүддьүөтүттэн АЛРОСА дибидиэниттэн көрүллэн тутулунна. Онон улуус баһылыгар Сергей Винокуровка уонна оройуон дьокутааттарын Сэбиэтигэр истиҥ махталбытын тиэрдэбит. Миэбэли, уот-күөс тэрилин, аппаратураны өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын уонна култуура министиэристибэтин өйөбүллэринэн атыыластыбыт. Онон өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар барҕа махтал тылларын аныыбыт», — диэн бэлиэтээтэ.
Бэйэтин эҕэрдэ тылын култуура миниистирин солбуйааччыта Афанасий Ноев: «Дууһалыын сырдаатым, хайдах киһи күлүө-үөрүө суоҕай, санаата кэлиэ суоҕай бу маннык үтүөкэннээх дьоро киэһэҕэ? Көлүөнэ ситимэ култуураҕа салҕанар буоллаҕа», — диэн саҕалаата. Салгыы Афанасий Иванович: «Улуус баһылыга Сергей Винокуровтыын ааҕан таһаарбыппыт, кэлиҥҥи 10 сылга улууска 10 култуура дыбарыаһа тутуллубут эбит». — диэн бэлиэтээтэ.
Улуус баһылыга Сергей Винокуров: «Хампа нэһилиэгэ хомус уустарынан аатырарын таһынан, дойду таһымнаах куонкурустарга миэстэлэһэр кэлэктииптэр улууспутун аар-саарга аатырдаллар», — диэн эттэ.
Ити курдук, Бүлүү улууһун Хампа нэһилиэгэр дьоро күн бу киэһээни быһа салҕанар. «Эрэл» Норуот айымньытын киинин туһунан сиһилии «Саха сирэ» хаһыакка уонна саайпытыгар сырдатыахпыт.
"Пушкин каартатын" көмөтүнэн, тыһыынчанан оҕо култуура тэрилтэлэригэр сылдьар, кэрэҕэ кыттыһар кыахтаннылар. "Пушкин каартата" култуура, дьиэ…
2025 сылга уоппускаҕа барарга саамай табыгастаах ыйдарынан от ыйа уонна алтынньы буолаллар. Бу туһунан РИА-Сонуннарга…
2024 сыл тохсунньу 6-7 күннэригэр КНР Цицикар куоратыгар 4-с норуоттар икки ардыларынааҕы «Снежный журавль» бэстибээл-күрэс…
РФ Бырабыыталыстыбатыгар 2042 сылга диэри дойду энэргиэтикэҕэ эбийиэктэрин генеральнай схематын бигэргэттилэр. Докумуоҥҥа чуолаан РФ Судаарыстыбаннай…
Түөкүттэр оҕону да албынныылларын кэрэйбэттэр. Харчы харбаан ылар туһуттан тугунан барытынан олуйаллар-моһуйаллар. ИДьМ 2 №-дээх…
Дьокуускай куорат киинигэр, Чернышевскай уулуссатыгар 12 этээстээх аныгы гостиница тутуллуоҕа. Бу туһунан Ил Дархан "РИК"…