Бүлүү куоратын 390 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах тэрээһиннэртэн биир саамай күүтүүлээх өрөспүүбүлүкэтээҕи «Бүлүүү хапсаҕайа» күрэхтэһиитэ түмүктэннэ. Быйылгы “Бүлүү хапсаҕайа” балаҕан ыйын 6-8 күннэригэр ыытылынна.
Күрэхтэһиигэ улуустарынан алта хамаанда кытынна: Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас, Үөһээ Бүлүү, Ньурба уонна Бүлүү икки хамаандата.
Хас биирдии хамаанда кыайыыга эрэллээх кытынна. Көрөөччүлэр улуустар бөҕөстөрүн дьиҥнээх тыҥааһыннаах, иэйиилээх уонна умсугутуулаах түгэннэрин көрөн олус дуоһуйдулар. Күрэхтэһиигэ чахчы умнуллубат түгэн буолла. Тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн кыайыылаахтар маннык билиннилэр:
Ордук успуорт сэҥэрээччилэрин долгуппут «Аан Дархан» аатын иһин киирсии түгэнэ буолла.Бу манна финалга кыайыылаах тахсыбыт Чурапчы улууһун бөҕөһө 85 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа Дьулустаан Калачев «Аан Дархан» аатын сүктэ.
Видео, хаартыска: улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…