Бүлүү куоратын 390 сылыгар саҥа дьиэлэр күлүүстэрин туттардылар
Балаҕан ыйын 8 күнүгэр Бүлүү куоратын 390 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх дьаһалларын чэрчитинэн Бубякин аатынан уулуссаҕа саҥа кыбартыыралар күлүүстэрин туттарыы тэрээһинэ буолла.
Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйар. «Саахалланар уонна хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү» федеральнай бырагырааманан тутуллубут элбэх кыбартыыралаах икки дьиэ үөрүүлээх аһыллыытыгар СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Афанасий Владимиров, Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Винокуров, оройуон Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Гаврил Корякин, Бүлүү куорат баһылыга Ян Попов кытыннылар.
Саҥа хаһаайыттары бу үөрүүлээх түгэнинэн салайааччылар эҕэрдэлээтилэр. Саҥа дьиэ олохтоохторо Бүлүү куоракка эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга бу бырагыраама олоххо киириитэ сүдү суолталааҕын бэлиэтээтилэр.
6 кыбартыыралаах дьиэ бэдэрээччитэ — «Сигма» ХЭУо. Тэрилтэ салайааччыта Семен Степанов дьиэ күлүүһүн Бүлүү улуһуун баһылыгар Сергей Винокуровка туттарда. Оттон 8 кыбартыыралаах дьиэ бэдэрэччитэ «Промстроймонтаж» ХЭУо салайааччыта Андрей Арбыкин дьиэ күлүүһүн Бүлүү куорат баһылыгар Ян Поповка туттарда.
Бу тутуллубут саҥа дьиэлэр олоҕу-дьаһаҕы тупсарыахтара уонна куттал суох буолуутун хааччыйыахтара, итини кытта Бүлүү куорат социальнай инфраструктуратын сайыннарыыга көмөлөһүөҕэ. «Хаһаайыттары барыларын олох саҥа түһүмэҕинэн эҕэрдэлиибит уонна дьолу-соргуну, доруобуйаны баҕарабыт!, — диэн эҕэрдэлээтилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: