Бүлүү куоратын 390 сылыгар саҥа дьиэлэр күлүүстэрин туттардылар

Share

Балаҕан ыйын 8 күнүгэр Бүлүү куоратын 390 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх дьаһалларын чэрчитинэн Бубякин аатынан уулуссаҕа саҥа кыбартыыралар күлүүстэрин туттарыы тэрээһинэ буолла.

Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата суруйар. «Саахалланар уонна хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү» федеральнай бырагырааманан тутуллубут элбэх кыбартыыралаах икки дьиэ үөрүүлээх аһыллыытыгар СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Афанасий Владимиров, Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Винокуров, оройуон Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Гаврил Корякин, Бүлүү куорат баһылыга Ян Попов кытыннылар.

Хаартыска: улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата

Саҥа хаһаайыттары бу үөрүүлээх түгэнинэн салайааччылар эҕэрдэлээтилэр. Саҥа дьиэ олохтоохторо Бүлүү куоракка эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга бу бырагыраама олоххо киириитэ сүдү суолталааҕын бэлиэтээтилэр.

6 кыбартыыралаах дьиэ бэдэрээччитэ — «Сигма» ХЭУо. Тэрилтэ салайааччыта Семен Степанов дьиэ күлүүһүн Бүлүү улуһуун баһылыгар Сергей Винокуровка туттарда. Оттон 8 кыбартыыралаах дьиэ бэдэрэччитэ «Промстроймонтаж» ХЭУо  салайааччыта Андрей Арбыкин дьиэ күлүүһүн  Бүлүү куорат баһылыгар Ян Поповка туттарда.

Бу тутуллубут саҥа дьиэлэр олоҕу-дьаһаҕы тупсарыахтара уонна куттал суох буолуутун хааччыйыахтара, итини кытта Бүлүү куорат социальнай инфраструктуратын сайыннарыыга көмөлөһүөҕэ. «Хаһаайыттары барыларын олох саҥа түһүмэҕинэн эҕэрдэлиибит уонна дьолу-соргуну, доруобуйаны баҕарабыт!, — диэн эҕэрдэлээтилэр.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

14 минут ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

1 час ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

15 часов ago