«Бүлүү» трассаҕа суоппар массыынанан икки сылгыны түҥнэри көппүт
18.08.2024, 19:30
Хаартыска: ИДьМ пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:
Суол быһылаана атырдьах ыйын 15 күнүгэр киэһэ 22.00 чаас саҕана «Бүлүү» федеральнай айан суол 191- с километрыгар тахсыбыт. Бу туһунан ИДьМ пресс-сулууспата суруйар.
1964 с.т. эр киһи суоппар «Тойота-Раш» мааркалаах массыынанан Ааһыма сэлиэнньэтиттэн Бэрдьигэстээх диэки айаннаан иһэн икки сылгыны түннэри көппүт. Саахал түмүгэр иномарка суоппара эмсэҕэлээбэтэх. Кулуннар саахал миэстэтигэр өлбүттэр.
Суоппар хараҥаҕа утары фара сырдыга мэһэйдээн, икки сылгыны суолга көрбөтөҕүн быһаарбыт. Түмүгэр суолга тутатына сатаан туормаһын баттаабакка, сылгылары аһардыбакка түҥнэри көппүт. Массыынаҕа суоппар соҕотоҕун айаннаан испит, арыгы испэтэҕэ быһаарылынна. Быһылаан тахсыбыт төрүөтэ быһаарыллар.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: