Салгыы
Бүлүү тыалара сэргэхтик олороллор

Бүлүү тыалара сэргэхтик олороллор

06.05.2023, 20:00
Ааптар хаартыската.
Бөлөххө киир:

Бүлүү улууһугар сырыым түмүгүнэн икки нэһилиэк – Балаҕаччы уонна 1-кы Күүлэт олоҕун-дьаһаҕын кытта билиһиннэриим.

ИККИ ДЬОРУОЙДААХ БАЛАҔАЧЧЫГА

Ханнык баҕарар нэһилиэккэ киэн туттар дьонноох буолаллар. Балаҕаччы нэһилиэгин олохтоохторо Николай Саввич Степанов уонна Алексей Афанасьевич Миронов курдук икки Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойунан киэн тутталлар.

Нэһилиэк баһылыга Афанасий Васильевы кытта нэһилиэк олоҕун-дьаһаҕын туһунан кэпсэттибит.

– Афанасий Васильевич, нэһилиэккитигэр киирэн иһэн, хайдах эрэ Мастаах Эбэ кытылыгар Балаҕаччы түөлбэтигэр дьон-сэргэ тоҕуоруһан олорбута икки үйэттэн ордобутун, дириҥ ис хоһоонноох устуору­йалаах дойдуга кэлбиккин салгына кытта туоһулуур курдук. Икки сыллааҕыта үбүлүөйдээбит эбиккит.

– 2021 сыллаахха Балаҕаччы нэһилиэгин 250 үбүлүөйдээх сылын бэлиэтээбиппит. Онон былыргы устуоруйа­лаах нэһилиэк кэскиллээх сайдыыта өбүгэ ситиминэн үйэттэн үйэҕэ салҕанан бара турар. Бүгүҥҥү тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар нэһи­лиэкпитигэр 600-тэн тахса киһи олорор. Атаҕар чиҥник турбут “Мастаах” кэпэрэтииптээхпит, икки бааһынай хаһаайыстыбалаахпыт. Араас бырагыраа­маларга кыттыһан, нэһилиэк­питин тупсарыыга үлэлэһэбит. Ол курдук, кэлиҥҥи икки сылга киирии аартыгын, оҕо уонна спортивнай былаһааккалары, нэһилиэк суолларын оҥортордубут. Устудьуоннар этэрээттэрин көмөлөрүнэн, 3 км сылгы күрүөтүн туттарбыппыт. Улууспут салалтата, дьокутааттара үбүнэн өйөбүллэринэн нэһилиэкпит суолларын оҥортордубут.

– Ханнык кыһалҕа­лар, тирээн турар боппуруос­тар баалларый?

– Сүрүн кыһалҕабыт – уһуйаан тутуута. Ааспыт үйэ 80-с сылларыгар тутуллубут дьиэ олус эргэрдэ, кыһын наһаа тымныы. Бу уруккута тэрилтэҕэ анаан тутуллубут типовой дьиэ этэ. Хонтуора буолан турбута. Дьиҥэр, саҥа уһуйаан тутулларыгар бырайыага оҥоһуллубута, тутуллар сирэ тыырыллан бэлэм. Ол эрээри, урукку бырайыак таах хаалан хаалла. Аны саҥа бырайыагы оҥоруохха наада. Билиҥҥитэ олох тыын боппуруоспут – саҥа уһуйааны тутуу. Ити баҕа санаа­быт туолара буол­лар, аны саҥа кулууп туттарыа этибит. 2000 сыллаах­ха “Үтүө дьыала” хамсааһын чэрчитинэн тутуллан үлэҕэ киирбит дьиэ сүрүннээн спорткомплекс быһыытынан үлэлии турар. Дьаһалта, буос­та, бибилэтиэкэ – бу тэрил­тэлэр бары бииргэ турар дьиэлэрин туттараары гынабыт. Спортивнай комплекспыт арочнай буолан, “обшивката” түһэ турар, олус тымныы. Лииһинэн эрэ турар. Бары инстанцияларга туруорсубуппут өр буолла. Сапыраапка боппуруоһа сытыытык турар. Үс нэһилиэги хааччыйар сапыраапка суола суох сиргэ олус наада этэ. Эдьигээн улууһугар биһигинэн айанныыллар.

Маны таһынан, балыыһабыт сабыллан, амбулатория буолан турар. Бырааһа, биэлсэрэ суох олоробут. Сиэстэрэлэр эрэ бааллар. Өрүс уҥуор улуус кииниттэн 110 км тэйиччи олорор нэһилиэк дьоно ыксаллаах түгэҥҥэ хайдах буолуохпутун билбэппит. Интэриниэтинэн эрэ эмтэнии балаһыанньатыгар олоробут.

Баһылыктар сийиэстэригэр бара сылдьан, Доруобуйа харыстабылын министиэрис­тибэтигэр быраас суоҕун туруор­субуппар, муус устар ортотун диэки бырааһы командировкаҕа ыытыахпыт диэбиттэрэ да, кэлбэтилэр. Бырамыысыланнас, Сибээс министиэристибэтигэр сылдьан сапыраапканы, “Билайн” сибээһин кэпсэтэ сатаабытым. Улуустар баһылыктарын барыбытын кытта, уот барар түгэнигэр бэйэбит диисэл хол­боон үлэлэтэрбит курдук сөбүлэҥ түһэрсибиттэрэ…

Уопсайынан, сибээс боппуруоһугар кыһалҕабытын барытын быһааран туран, миниис­тиргэ сурук суруйарга күһэллэр буоллубут. Туох эмэ дьаһал ылылларын курдук.

… Икки Дьоруойдаах нэһилиэк, дьэ, итинник кыһалҕа­лаах олорор.

1-кы Күүлэккэ саҥа икки мэндиэмэннээх оскуола тутуллар

1-КЫ КҮҮЛЭТ СИТИҺИИТЭ УОННА КЫҺАЛҔАТА

1-кы Күүлэт нэһилиэгэр 900-чэ киһи олорор, дьахтарын, эр киһитин ахсаана тэҥнэһэр – 400-тэн тахсалыы киһи. Оскуолаҕа 150 оҕо үөрэнэр. Үс сааһыгар диэри оҕону эбэн туран оскуолаҕа кии­риэн иннинээҕи саастаах оҕо – 60-тан тахса. Нэһилиэккэ 50-ча элбэх оҕолоох ыал, 164 оҕолорун соҕотох иитэр дьон, 60-ча эдэр ыал баар. Инбэлиит оҕолоох 7 ыал баар. Бу нэһилиэк пааспарыттан холобур­даатым.

Баһылык Айаал Новиков биһиги сылдьар кэммитигэр Дьокуускайга командировкаҕа сылдьар буолан, солбуйааччыта Виктория Батюшкинаны кытта кэпсэттибит.

– Нэһилиэккэ үктэнээккин кытта, саҥа дьиэ тутуута харахха быраҕыллар. Социальнай эбийиэктэр бөҕө-таҕа көрүҥнээхтэр. Виктория Прокопьевна, олохтоох дьаһалта араас бырагыраамаларга кыттан үлэлэһэрэ биллэр. Бу туһунан кэпсиэҥ дуо?

– Баһылык Айаал Новиков кэскили өтө көрөр салайааччы быһыытынан баһылыгынан талыллаат, бырагыраамаларга үлэлэспитинэн барбыта. “Тыа сирин кэлимник сайыннарыы” РФ федеральнай быргырааматыгар олоҕуран, 150 оҕо үөрэнэр икки мэндиэмэннээх таас оскуола тутулла турар. Олохтоох бэйэ көҕүлээһинин (ППМИ) чэрчитинэн уонна “АЛРОСА” АХ дивидениттэн сайыҥҥы уу ситимин киллэрбиппит. 96 ыал “Ростелеком” тэрилтэ оптоволоконнай лииньийэтигэр холбонор үлэлэрэ барбыта. Нэһилиэктэн Чачаҥда сайылыкка диэри 2,700 км суол өрөмүөннэммитэ. “Бүлүү бөлөх улуустары 2019-2024 сылларга уунан хааччыйыы тиһигин сайдыыта” бырагырааманан ууну ыраастыыр ыстаансыйа атыыласпыппыт. Баһаары бохсууга үлэлииргэ туһаайан 12 массыына турар гарааһын тутуу саҕаланна. Кураанах бөҕү тоҕор 3 былаһаакканы оҥорон туруорбуппут. Дьыыппа уонна Дьабыдьах үрэхтэри туоруур тимир муосталары оҥорторбуппут, Дьабыдьахтан 7,5 км 5-с категориялаах суолу куттарбыппыт. Ити курдук киһи кэпсии туруон сөптөөх тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах, социальнай, култуурунай хайысхалаах үлэ үгүс. Баһылыкпыт үлэтин таба аттаран былаанныыр буолан, үлэтэ да тахсыылаах.

– Оттон туох кыһалҕалааххыт, туох уустуктар бааллар?

– Спортивнай саала суох. 2012 сыллаахха тутуллубут спортивнай комплекспыт чаҕылҕантан умайан хаалбыта. Онон ыччаппыт спортивнай саалата суох эрэйдэнэр.
Амбулаториябыт дьиэтэ эргэрдэ. Урукку оскуола интэринээтин дьиэтин оҥостон үлэлии олороллор. 1989 сылтан учаастактааҕы балыыһа этэ. 2020 сыллаахха балыыһа сабыллан, амбулатория буол­бута. Материальнай баазалара быстар мөлтөх.

Кыстык олус уустуктук ааһан эрэр. Этэҥҥэ күөххэ үктэнэрбитин кэтэһэбит. Ардахтаах дьыл буолбут буолан, от хаачыстыбата олох куһаҕан, сүөһү ырыганныыр. От атыылаһан олоробут. Сыанатын аҥаарын уонна айан ороскуотун толору СӨ Бырабыыталыстыбата уйуммута. Чааһынай уонна бааһынай хаһаайыстыбаларга олохтоох бүддьүөттэн 250 тыһыынча солкуобайы көрбүппүт.

Ходуһа сир ууга баран, сири оҥоруу үлэтэ барыан наада. Быйыл хаар халыҥ, онон оттуурга өссө кытаанах дьыл буолара буолуо диэн сэрэхэдийэбит.

… Бүлүү улууһун икки нэһилиэгин олоҕуттан быһа тардан билиһиннэрдэххэ итинник.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: