Бүлүү Тылгынытыгар Үлэ бырааһынньыга тэрилиннэ
Бу күннэргэ Бүлүү улууһун Тылгыны нэһилиэгэр Үлэ сылын чэрчитинэн Орто Күөлгэ мууһу ылыы аһаҕас күрэҕин бырааһынньыгын тэрийдилэр.
Үлэ бырааһынньыгын туһунан Тылгыны нэһилиэгин бибилэтиэкэрэ Виталина Григорьева маннык сырдатта:
— Тэрээһин нэһилиэк баһылыга Егор Иванов көҕүлээһининэн барда. 1-кы хамаанданы Айнат Кылабысов салайда. Иккиһи — Николай Егоров, үсүһү — Аян Григорьев. Хамаандалар бары эрдэттэн дьаһанан, ох курдук бэлэмнэнэн, тэринэн кэлбиттэрэ харахха быраҕыллар.
Кырдьыга даҕаны, үлэ киһитигэр саамай сүрүнэ — туттар маллара буоллаҕа дии. Уолаттарбыт үлэни өрө тутар дьон быһыытынан, бэрт кылгас кэм иһигэр сылбырҕатык хамнанан, күөл тулатыгар дьаарыстаан туруоран кэчигирэттилэр.
Бачымах курдук элбэх муус сааһыланан турара киһи санаатын көтөхтө. Хамаандалар ирдэбил быһыытынан мууһу бириэмэҕэ ылан, муустарын таһааран баран, аны туруоран дьаарыстаатылар. Итиннэ барытыгар бириэмэтэ ааҕылла турда. Тот эрэ киһи үчүгэйдик үлэлиир-хамсыыр, үлэни кыайа-хото тутар буоллаҕа. Ол ону өйдөөн, күрэх кэмигэр нэһилиэкпит тэрилтэлэрин кэрэ аҥаардара кутааҕа минньигэс эбиэт буһаран, итии чэй оргутан, эр дьоммутун күндүлээтибит. Ол курдук, «Түһүлгэ» сынньалаҥ кииниттэн, олохтоох дьаһалтаттан уонна «Күнчээн» оҕо уһуйааныттан кэрэ аҥаардар буһа-хата, тиритэ-хорута эт миинэ буһардылар. Муус ылыытын күрэҕэр түөрт киһиттэн турар дьүүллүүр сүбэ үлэлээтэ. Кыайыылааҕы муус ылбыт чардааттарын кээмэйинэн быһаардылар. Түмүк маннык буолла: Николай Егоров хамаандатын чардаата — 64 квадратнай миэтэрэ буолан, бочуоттаах 3-с миэстэни ылан, кырааматанан, мэтээлинэн уонна Дьокуускай куоракка баар «У Стаса» маҕаһыын 15.000 солкуобайдаах сэртипикээтинэн наҕараадаланна,
2-с миэстэҕэ Аян Григорьев хамаандатын чардаата 66 квадратнай миэтэрэ буолан, кырааматанан, мэтээлинэн уонна Дьокуускай куоракка баар «У Стаса» маҕаһыын 21.000 солкуобайдаах сэртипикээтинэн бэлиэтэннэ.
Кыайыылаах үрдүк аатын Айнат Кылабысов хамаандата ылла: чардаата -72 квадратнай миэтэрэ буолла. Хамаанда кырааматанан, мэтээлинэн уонна Дьокуускай куоракка баар «У Стаса» маҕаһыын 30.000 солкуобайдаах сэртипикээтин ылла. Маны таһынан, кыттааччыларга уруулара-аймахтара, доҕотторо-атастара туруорбут бириистэрин туттардылар.
Тэрээһини Тылгынытааҕы «Түһүлгэ» сынньалаҥ киинин дириэктэрэ Раиса Иванова уонна баһылык Егор Иванов салайан ыыттылар. Дьэ, бу курдук, тымныыны аахсыбакка, нэһилиэкпитигэр муус ылыытын кэрэхсэбиллээх бырааһынньыга үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.
Бары кыттааччыларга, дьүүллүүр сүбэҕэ тэрийээччилэр ааттарыттан махталбытын тиэрдэбит. Уопсайа холбоон 67 кууб муус хостонно.
Ылыллыбыт мууһу анал хамыыһыйа быһаарыытынан соҕотох олорор, муус ылынар кыаҕа суох нэһилиэкпит олохтоохторугар бэриллиэҕэ. Өссө төгүл бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыттарга, көрөөччү буолан күөлгэ киирбит олохтоохторго, тэрийээччилэргэ махтанабыт. Бу буоллаҕа дии, эдэр көлүөнэбитин, ыччаттарбытын үлэҕэ уһуйуу, үлэһит дьоннорбутунан киэн туттуу.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: