Бүлүү улууһа окко былаанын 91% толордо

Share

Сахабыт сирин кылгас сайыныгар сылгы-сүөһү кыстыырыгар анаан от тэтимнээхтик бэлэмнэнэр.

2025 сыл балаҕан ыйын 10 күнүнээҕи туругунан, Бүлүү улууһугар от — 23182 т, сиилэс — 1000 т, сенаж — 400 т бэлэмнэннэ.
Ылыллыбыт былаантан 91% туолла диэн Бүлүү улууһун дьаһалтата иһитиннэрэр.
Тылгыны уонна 2-с Күүлэт нэһилиэктэрэ оттооһуну толору түмүктээтилэр. Тылгыны нэһилиэгэ 970 т былааннаах буоллаҕына, 905 т ылла, 2-с Күүлэт нэһилиэгэ 1193 т былааннааҕын, 7 т куоһарда.
«Ампаардаах» ХЭУо сиилэһи оҥорууну атырдьах ыйын 24 күнүттэн саҕалаабыта. Сиилэс былаанын 750 т куоһарда. Онон эбии аһылыгы бэлэмнээһини толору түмүктээтилэр, балаҕан ыйын 19 күнүттэн бурдук бааһынатын  хомуйуохтара.
«Мастаах» ПК сиилэс былаанын 100%, ол эбэтэр 200 т толордо.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Дьокуускайдааҕы 1 №-дээх оскуола быйыл саас аһыллыаҕа

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев тохсунньу 9 күнүгэр Дьокуускайга 253 үөрэнээччилээх 1 №-дээх орто оскуола…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сыл сүрүн ситиһиилэрэ: Плазмосорбция сэдэх процедурата аан бастаан оҥоһулунна

Ааспыт сыл сэтинньитигэр онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын устуоруйатыгар киирэр түгэн — плазмосорбция процедурата оҥоһулунна. Анестезиология, реанимация…

15 минут ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: Эр киһи төрдүс этээстэн сууллубут

Суукка иһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ икки буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэннэ. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. Дьокуускай куоракка…

45 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Оҕо кириэһилэтигэр ирдэбил күүһүрдэ

Оҕолору анал кириэһилэтэ суох таһыы иһин ыстараап икки бүк кэриҥэ улаатар. Ол курдук, тохсунньу 9…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөн Чысхааныттан сэртипикээт ылаары туристар мусталлар

Бу күннэргэ Тымныы полюһунан аатырар Өймөкөөн нэһилиэгэр туристар үгэс быһыытынан тоҕуоруһа мусталлар. Тымныы хаһаайынын --…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

«Халыма» суолга саахал түмүгэр биэс киһи эмсэҕэлээбит

Тохсунньу 8 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун отделын дьуһуурунай чааһыгар «Халыма» федеральнай суолга суол быһылаана тахсыбытын…

2 часа ago