Бүлүү улууһугар мобилизацияҕа барбыт дьон дьиэ кэргэттэрэ төрөппүт усунуоһуттан босхолоннулар
29.10.2022, 19:35
Бөлөххө киир:
Бүлүү улууһугар быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыттар дьиэ кэргэттэрэ төрөппүт усунуоһуттан босхолоннулар.
Бүлүүгэ «Алмазик» оҕо саадыгар байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрэ төрөппүт усунуоһуттан босхоломмуттар. Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников Бүлүү улууһугар үлэни-хамнаһы билсэн баран иһитиннэрдэ.
.«Алмазик» оҕо саадыгар кырачааннары иитэргэ-үөрэтэргэ табыгастаах тупсаҕай усулуобуйа тэриллибит. Ис оҥоһуга, тэрилинэн хааччыллыыта үчүгэй. Өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ эбийиэктэргэ киирсэр«, — диэн этэр кини.
200 миэстэлээх оҕо саада «Молодежнай» диэн саҥа түөлбэҕэ быйыл кулун тутар ыйга үлэҕэ киирбитэ. Бу судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлээһин иитинэн тутуллубута.
СӨ Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспата
Хаартыскаларга Николай Куприянов түһэриилэрэ
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: