Бүлүү улууһугар Кыадаҥдаҕа “Кынат” пиэрмэ аһылынна

Share

Бүлүү улууһун Чочу нэһилиэгэр Ивановтар дьиэ кэргэн “Кынат” пиэрмэлэрэ кулун тутар 3 күнүгэр үөрүүлээх аһыллыыта буолла. Икки сыллааҕыта Бүлүү учуутала Мария Иванова дьиэ таһынааҕы хаһаайыстыбатыгар биэс үндүүк уонна 60-ча куурусса, кус, перепелка баар этэ. Бу хаһаайыстыба оччолорго «Агростартап-2021» бырагырааманан грант сүүйбүтэ. Бу пиэрмэ тутуута “Агростартап” бырайыак саҥа саҕалааһыннары өйөөһүнэ үтүө ситиһиилэргэ тиэрдэрин холобура буолар.

Куурусса пиэрмэтэ Чочу нэһилиэгэр киирэр Кыадаҥда бөһүөлэккэ аһылынна. Манна 929 киһи олорор, оскуола, балыыһа, култуура дьиэтэ, хочуолунай  үлэлии тураллар.

Саҥа эбийиэк аһыллыытыгар Саха сирин тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов кыттыыны ылла.  Ивановтар «Туймаада» акционернай хампаанньа тэрийбит “Тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин сайынннарыы пуондатыттан” чэпчэтиилээх кирэдьиит ылбыта. Ону кытта олохтоох салалта улахан өйөбүлү оҥорбута бэлиэтэнэр. Ол курдук,  Сыдыбыл нэһилиэгин баһылыга Петр Догоюсов пиэрмэ тутуутугар 1500 кв. миэтэрэ иэннээх сири анаабыт.

Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Туһаайан этиитигэр түргэнник ситэр салаа  бородууксуйатын оҥорор хаһаайыстыбалары сайыннарыы туһунан тоһоҕолоон эппитэ. “Бэйэни аһынан хааччыныыны тупсарар туһугар түргэнник ситэр бородууксуйаны оҥорор салааны өйүөх тустаахпыт. Сөптөөхтүк дьаһанан өйөөһүн биэрдэххэ бэрт түргэнник үчүгэй хаачыстыбалаах аһынан-үөлүнэн дьоммутун хааччыйыахпытын сөп диэн бигэ эрэллээхпин!”, — диэн Ил Дархан сорудах биэрбитэ.

“Кырдьык, түргэнник ситэр салаа  бородууксуйатын оҥорор хаһаайыстыбалары сайыннарыы ас өттүгэр куттал суох буолууну хааччыйыы биир сүрүн хайысхата буолар. Холобур, бу пиэрмэ икки эрэ сыл анараа өттүгэр дьиэ таһынааҕы кыра кэтэх  хаһаайыстыба этэ. Бүгүн  улаатан, кэҥээн,  сылга 1500 бройлеры иитэр, 1500 чоппуусканы атыыга таһаарар былааннаах пиэрмэ буолла. Тэрилтэ өссө даҕаны бөдөҥсүйэр былааннаах. 2023 сылга бу хаһаайыстыба өссө эбии үлэлиир тэрил атыылаһар былааннаах, ону Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ  өйүөҕэ. Мария Иванова тэрийбит үлэтэ-дьаһаҕа хайдах курдук түргэн бородууксуйанан дьарыгырар хаһаайыстыбалар сайдыахтарын сөбүн үтүө холобура буолар”, — диэн Александр Атласов тус санаатын үллэһиннэ. Миниистир этэринэн, хаһаайыстыба пиэрмэни тутууга бараабыт үбүн 90% судаарыстыба көмөтүнэн төлөһүөҕэ.

Мария Иванова кэпсииринэн, бу курдук пиэрмэни тэринэр туһунан өссө 2017 сыллаахха санаммыт. “Ол кэмтэн арааһы толкуйдаан, табаар төһө барыан сөбүн суоттаан, үлэ ымпыгын-чымпыгын үөрэтэн көрбүтүм. 2021 “Агростартап” гранын ылан үлэлээн барбыппыт. Онтон министиэристибэ уонна бырабыыталыстыба өйөөн «Многофункциональная птицеферма» бырайыакка кыттыбыппыт. Билигин дьоҥҥо-сэргэҕэ сымыыт атыылаан эрэбит”, — диэн хайдах саҕалаабытын туһунан кэпсээтэ.

Сотору “Кынат” пиэрмэ баҕалаах дьону “көтөрү иитээччи” идэҕэ онлайн үөрэтиини саҕалыаҕа. Үөрэнээччилэр практикаларын пиэрмэҕэ илэ кэлэн барыахтара. Бу туһунан Саха сиринээҕи Тыа хаһаайыстыбатын техникумун кытта дуогабарга илии баттаммыт. Ону кытта Ивановтар Бүлүү улууһун социальнай сулууспатын кытта сөбүлэҥ түһэрсибиттэр – саҥа саҕалыыр пиэрмэрдэри кытта Ивановтар уһуйааччы быһыытынан үлэлэһиэхтэрэ.

 Полина Николаева, СИА

Полина Николаева, СИА
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Хот-дог сиэбит дьон олохторо 36 мүнүүтэнэн кылгыыр үһү

Мичиган университетын учуонайдара наар газтаах утаҕынан уонна хот-догтарынан аһылыктанар киһи олоҕо төһө бириэмэнэн кыччыырын (кылгыырын)…

16 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Үтүө тэрээһин

ПАВЕЛ ЦЫПАНДИН 65 СААҺЫГАР — САДУОУК ТУРНИРА! Саҥа дьыллааҕы күннэри түмүктүү Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа…

56 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Саха сирэ “Рождение ребенка” суперсервиһи туһаныынан Уһук Илин уокурукка инники сылдьар

Саха сирэ “Рождение ребенка” суперсервиһи туһанан саҥа төрөөбүт оҕону бэлиэтэттэрии  ахсаанынан Уһук Илин уокурукка инники…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

60 саастаах дьахтар кумааһынньыктаах харчыны уорбут

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтооҕо кумааһынньыктаах харчытын уордарбытын туһунан биллэрбит.…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьокуускайга гарааска баһаар кэнниттэн өлбүт киһини буллулар

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ барыта сэттэ буруйу оҥоруу туһунан иһитиннэрии киирэн, борокуратуура хонтуруолугар сылдьар.    Ленскэй…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхо тыйаатырыгар олоҥхону толорооччулар бөлөхтөрө баар буолуоҕа

    Хас да сыллааҕыта Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччи А.С. Борисов артыыстары аттестациялааһын кэнниттэн: “Хас биирдии артыыс,…

3 часа ago