Салгыы
Бүлүү улууһугар «Үтүө санаа харыйата» аахсыйа саҕаланна

Бүлүү улууһугар «Үтүө санаа харыйата» аахсыйа саҕаланна

25.11.2022, 08:59
Бөлөххө киир:

Эмиэ биир сыл элэстэнэн ааһа охсон, аны сотору Саҥа дьылбыт тиийэн кэлиэ. Быйыл эмиэ Бүлүү улууһугар үгэскэ кубулуйан эрэр, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар «Үтүө санаа харыйата» аахсыйа саҕаланна.

Быйылгы аахсыйа уратылаах буолуо, ол курдук аны олох ыарахаттарыгар түбэспит ыаллар оҕолоругар эрэ буолбакка, анал байыаннай дьайыыга сылдьар дьон оҕолоругар эмиэ тэрилтэлэр уонна биирдиилээн да дьон бэлэх оҥоруохтара.

Аһымал аахсыйа бүгүн Бүлүү куоратыттан саҕаланна уонна улуус бары нэһилиэктэригэр ыытыллыа, онно барыта 300-тэн тахса оҕо хабыллыа.

Аахсыйаны саҕалыыр тэрээһиҥҥэ улуус олохтоох дьаһалталарын баһылыктара, бэрэстэбиитэллээх уорганнар дьокутааттара, тэрилтэлэр салайааччылара, урбаанньыттар, о.д.а биирдиилээн дьон кытыннылар. Улуус баһылыга Сергей Винокуров, улуус сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Гаврил Корякин мустубут дьону эҕэрдэлээтилэр уонна үтүө санаа аахсыйата салгыы барарыгар баҕардылар. «Бу аахсыйаҕа 300-тэн тахса оҕо хабылларыттан 128-һа байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыт байыастар оҕолоро. Бэҕэһээ харыйаҕа ыйаммыт кэмбиэри урбаанньыттар, тэрилтэлэр барытын ылбыттара. Өссө сорох дьоҥҥо тиийбэтэҕэ. Онон нэһилиэктэрбититтэн оҕолор испииһэктэрин хомуйан үтүөнү оҥоруон баҕарар дьоҥҥо анал кэмбиэри тарҕатыахпыт», — диэн  Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Винокуров кэпсээтэ.

Санатан этэр буоллахха, дойдуга буола турар быһыынан-майгынан сибээстээн, быйыл олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарыгар Саҥа дьылы бэлиэтээһини тохтоторго ыҥырбыттара. Ол бачыымы сорох улуустар өйүүллэрин биллэрбиттэрэ. Онон Саҥа дьыл оҕо-аймахха эрэ киэҥник ыытыллара быһаарыллыбыта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 апреля
  • -6°C
  • Ощущается: -12°Влажность: 58% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: