Бүлүү улууһун хаһаайыстыбалара кыстыкка этэҥҥэ киирдилэр
Бүлүү улууһун араас көрүҥнээх хаһаайыстыбалара кыстыкка киирэн олороллор. Ол курдук, сүөһү, сылгы кыстыгар анаан быйыл сайын 24952 туонна оту кэбиспиттэр (былаан 95, 1 % туолбут). Ити иһигэр мобильнай биригээдэлэр ыраах сирдэргэ 24952 туонна оту чөкөппүттэр.
— Быйыл 12 тыһ. тахса хороҕор муостаах иитиллэн турар, итинтэн 3000 төбөнү туттуохтаахпыт. 7,5 тыһ. сыспай сиэллээхпит. “Сыа Бүлүү” кэпэрэтииппит (Кондратьев А.А.) сүөһүнү уотар былаһааккалаах, быйыл 250-ча төбөнү хаһаайыстыбалартан, нэһилиэнньэттэн тутуохтаах. Бу хаһаайыстыба механизациялаах убойнай пууннаах. Быйылгы кыстыкка диэн 810 уонна сиилэс угулунна, 303,1 туонна сенаж бэлэмнэннэ. Үүппүт былаана туолан иһэр. Дьэ, кыстыкка бу курдук киирдибит, — диэтэ Бүлүү улууһунааҕы тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччытын солбуйааччы Варвара Гарвильева.
Хаартыскалары: В.М.Гаврильева ыытта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: