Бүлүү уонна Алдан өрүстэргэ кыһыҥҥы суол аһыллыытын кыраапыга таҕыста
Бүлүү суолун управлениета иһитиннэрбитинэн, ахсынньы 1 күнүттэн Бүлүү уонна Алдан өрүстэргэ кыһыҥҥы суол аһыллар.
Ол курдук, ити ыйыллыбыт кэмтэн Бүлүү өрүскэ Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин аннынан (660-с км), Ньурба улууһун Күндээдэтин аннынан (807-с км), Сунтаар улууһун Устьетынан (956-с км) уонна Кириэстээҕинэн (1049-с км) Бүлүү өрүһү туоруурга кыһыҥҥы суол аһыллар. Халыма федеральнай суолга Өлүөнэ өрүскэ Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан кыһыҥҥы суол 2023 сыл тохсунньу 5 күнүттэн, ону тэҥэ, Алдан өрүскэ Хаандыга — Мэҥэ Алдан хайысханан 2022 сыл ахсынньы 1 күнүттэн кыһыҥҥы суол аһыллыаҕа. Халлаан туругуттан көрөн, кыраапык уларыйыан сөп.
Өрүстэргэ кыһыҥҥы суол аһыллыытын кыраапыга
№ | Өрүһү туоруур учаастактар | Быһа барыллаан аһыллыы | ||||
4 туоннаҕа диэри | 10 туоннаҕа диэри | 20 тонн туоннаҕа диэри | 30 туоннаҕа диэри | 40 туоннаҕа диэри | ||
1 | 660-с км, Бүлүү суола, Бүлүү өрүскэ
(Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ)
|
01.12.2022 | 10.12.2022 | 25.12.2022 | 15.01.2023 | 20.01.2023 |
2 | 807-с км, Бүлүү суола, Бүлүү өрүскэ
(Күндээдэ, Ньурба) |
01.12.2022 | 10.12.2022 | 25.12.2022 | 15.01.2023 | 20.01.2023 |
3 | 956-с км, Бүлүү суола, Бүлүү өрүскэ (Устье сэлиэнньэтэ, Сунтаар) | 01.12.2022 | 10.12.2022 | 25.12.2022 | 15.01.2023 | 20.01.2023 |
4 | 1049 -с км, Бүлүү суола, Бүлүү өрүскэ
(Кириэстээх, Сунтаар)
|
01.12.2022 | 10.12.2022 | 25.12.2022 | 15.01.2023 | 20.01.2023 |
5 | 6-с – 18-с км. Халыма суола, Өлүөнэ өрүс.
«Дьокуускай – Аллараа Бэстээх»
|
— | 05.01.2023 | 13.01.2023 | 20.01.2023 | 05.02.2023 |
6 | 365-с км, Халыма суола, Томпо улууһа
«Хаандыга – Мэҥэ Алдан». Алдан өрүс |
01.12.2022 | 10.12.2022 | 25.12.2022 | 15.01.2023 | 20.01.2023 |
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: