Бүлүүгэ устудьуоннар этэрээттэрин байыастара үлэлииллэр
Сайын аайы устудьуоннар тутар этэрээттэрэ Саха сирин үгүс улуустарыгар социальнай эбийиэктэри, хотоннору, былаһааккалары, о.д.а. тутарга көмөлөһөллөр.
Быйыл ууттан эмсэҕэлээбит улуустарга чөлүгэр түһэрэр үлэлэргэ итиэннэ улахан уот турбут сирдэригэр ойуур баһаарыгар сылдьаллар.
Бүлүү куоратыгар устудьуоннар тутар этэрээттэрэ от ыйын 29 күнүттэн кэлэн үлэлии сылдьаллар. Кинилэр манна атырдьах ыйын 25 күнүгэр диэри үлэлиэхтэрэ диэн Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
13 эдэркээн, үлэни-хамнаһы кыайа тутар, көхтөөх уолаттар уонна кыргыттар кырдьаҕас Бүлүү куоратын тупсарыыга үлэлиэхтэрэ. Кинилэр ортолоругар Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһин, Омскайдааҕы гражданскай авиация көтөр-тиэхэньиичэскэй кэллиэһин, Балтикатааҕы федеральнай университет, ХИФУ уонна Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай кэллиэс устудьуоннара бааллар.
Устудьуоннар этэрээттэрин байыастара тротуар билииккэлэрин уураллар, оҕо былаһааккаларын өрөмүөннүүллэр, ойуур баһаарыттан нэһилиэнньэни харыстыыр сыалтан минерализованнай балаһалары ыраастыыллар, ону сэргэ «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» бырагырааманан хаһаайыстыбаннай тутуулары көтүрүүгэ үлэлэһэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: