Бүлүү волонтердара байыастарга көмө оҥордулар

Share

Бүлүү улууһун «Бүлүү Харысхал» хамсааһына бу сылга үктэнэн баран үһүстээн нэһилиэнньэттэн аахсыйа быһыытынан тоҥ аһылыгы хомуйан анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарыгар ыытта.

Илии сылааһынан, сүрэх баҕатынан, кыайыыны чугаһатан, дойдуларын кытары ситимниир, күүс-уох биэрэр амтаннаах астаах баһыылкалары тиэрдиэхтэрэ. Куулунан собону Хампа, Балаҕаччы, Үгүлээт балыксыттара киллэрбиттэрин волонтер бэтэрээннэр, оскуола уһуйаан үлэһиттэрэ ыһаарылаан, кэтилиэттээн бэлэмнээтилэр. Биир уолга аадырыстанан тиийбит баһыылканы бүтүн рота байыаһа үллэстэрин билэр буолан, ыаллыы сытар Үөһээ Бүлүү улууһун «Сандал» СППК балыксыттара эбии уон куул собону ыыттылар.  Юрий Тарасов дириэктэрдээх балыксыттарга «Бүлүү Харысхал» хамсааһын муҥура суох махталларын уолаттарын аатыттан тиэртилэр.

Н.Г. Чернышевскай аатынан үөрэх кыһатыгар тэриллибит көмө киинин салайааччыта Мария Оконешникова салалтатынан балыктары ыһаарылаан икки күннээх аахсыйаҕа кытыннылар. «Ороһу балыксыт кыыһа Ольга Захарова биһигини кытары үлэлэспитэ ыраатта. Мантан ыла балыгы хатаран ыытарга салгыы үлэлэһиэхпит. Толкуйдаабыппыт туолан, туппуппут табыллан истин, илиибит сылааһа уолаттарбытын харыстыы турдун! Бары бииргэбит! Харысхаллаах буолуоҕуҥ, харыстана сылдьыаҕыҥ!», — диэн «Бүлүү Харысхал» хамсааһын волонтердара санааларын үллэстэллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Кыһалҕаны билбит сэрии сылларын оҕолоро байыаннай дьайыыга көмөлөһөллөр

Бүгүн Элбэх туһалаах сүбэ-ама баара, байыаннайдар төрөппүттэрин ыйытыыларыгар барытыгар хоруйдаатылар. Тустууктар ийэлэригэр, аймахтарыгар санааларын түһэрбэккэ,…

1 минута ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Үөһээ Бүлүүгэ тыа хаһаайыстыбата сайдар кэскиллээх

Үөһээ Бүлүү улууһугар ааспыт сыл түмүгүнэн тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар 16 сүөһү, сылгы иититинэн дьарыгырар потребительскай…

20 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бу бээтинсэҕэ — «Коркин. Андаҕар» испэктээк

Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын испэктээктэрин эккирэтэ сылдьан барыларын кэриэтэ олус сөбүлээн көрөбүт. Биир…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амматааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэктэрдэрэ оҕолору тулалыыр эйгэни кэтээн көрөргө үөрэтэллэр

Бэҕэһээ, тохсунньу 22 күнүгэр, Амма улууһунааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэктэрдэрэ Л.В. Киренскэй аатынан Амматааҕы лиссиэй 3-с…

50 минут ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Сонуннар

Дьокуускай куораттааҕы территориальнай быыбардыыр хамыыһыйата Кыайыы иһин бэйэтин көмөтүн киллэрэр

«ДоброVольцы» волонтердар хамсааһыннарын көрдөһүүтүнэн, Дьокуускай куорат территориальнай быыбардыыр хамыыһыйатын үлэһиттэрэ (бэрэссэдээтэл С.Б. Алексеева)  матырыйаал атыылаһан,…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Мохсоҕоллоох оскуолатыгар 450 миэстэлээх саҥа куорпус аһылынна

Тохсунньу 22 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Мохсоҕоллоох оскуолатын саҥа куорпуһун үөрүүлээх аһыллыытыгар кытынна. 450 миэстэлээх…

1 час ago