Бүлүү ыраас уута
АЛРОСА Саха сирин сэлиэнньэлэрин ууну ыраастыыр ыстаансыйаларынан хааччыйар. Саха сирин алмаастаах түөлбэтин 14 сэлиэнньэтигэр «2019–2024 сылларга Бүлүү бөлөх улуус-тарын уунан хааччыйар систиэмэлэри сайыннарыы» бырагырааманан үлэ салҕанар. Сүрүн үбүлээһини Үүнэр көлүөнэ пуондатын нөҥүө АЛРОСА хампаанньа оҥорор. Бэлиэтээн эттэххэ, бу алмааһы хостуур хампаанньаҕа — социальнай хайысхалаах бырайыак. Хампаанньа бу сыалга-сорукка сыл аайы 150 мөлүйүөнү биэрэр.
Үөрэтэн, чинчийэн баран саҕалаабыттара
Үүнэр көлүөнэ пуондатыгар кэпсээбиттэринэн, бырагыраама сүрүн соруга — Бүлүү бөлөх улуустарын, ону сэргэ Мииринэй оройуонун Сүлдьүкээр сэлиэнньэтин уонна Эдьигээн олохтоохторун хаачыстыбалаах иһэр уунан хааччыйыы. Бырагыраамаҕа барыта 29 нэһилиэнньэлээх пуун киирэр.
— Бырагырааманы олоххо киллэрии кэмигэр уунан хааччыйар (водозабор) уонна ууну ыраастыыр тутуулары оҥорууга уонна саҥардыыга, нэһилиэнньэни үчүгэй хаачыстыбалаах иһэр уунан хааччыйыыга, уу анал тиэхиньикэтин атыылаһыыга улахан болҕомто ууруллар.
Үбүлээһин уопсай кээмэйэ икки миллиартан тахса солкуобайга тэҥнэһэр, итинтэн аҥаара — АЛРОСА сыл аайы биэрэр харчыта, — диэн СӨ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Михаил Керемясов иһитиннэрдэ.
2019–2023 сылларга Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Сунтаар, Мииринэй оройуоннарын 14 нэһилиэнньэлээх пууннарыгар сууккаҕа 20–100 кубометр кыамталаах ууну ыраастыыр блочнай-модульнай ыстаансыйалары аҕаларга уонна таҥарга аналлаах дьаһаллар олоххо киллэрилиннилэр. 20‑тэн тахса учаастакка сир аннынааҕы уу саппааһын чинчийдилэр, уу таһар 20 массыынаны атыыластылар, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр, Кыһыл Сыырга, Ньурба куоракка ууну ыраастыыр тутуулар тупсарылыннылар. Ону таһынан, элбэх нэһилиэн-ньэлээх пууҥҥа инженернэй ситимнэр уонна уунан хааччыйар тутуулар баар буоллулар, бырайыактыыр докумуоннар оҥоһулуннулар.
— Инженернэй хааччыллыы систиэмэлэрин сайыннарыыны сэргэ, АЛРОСА көмөтүнэн биһиги экологияны, нэһилиэнньэ доруобуйатын наука биир кэлим чинчийиитин уонна Бүлүү бөлөх улуустарын уунан хааччыйыы атын көрүҥнэрин, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын хаачыстыбатын үбүлээтибит, — диэн Михаил Керемясов эбэн эттэ.
Куттала суох хаачыстыба
Үлэҕэ киллэриллибит ууну ыраастыыр бары ыстаансыйалар — саҥа кэм тэриллэрэ. Ыстаансыйалар ханнык да техногеннай уонна айылҕаҕа тахсар быһылааннартан уонна уу өрүстэн, күөлтэн, скважинаттан ылылларыттан тутулуктаммакка, куттала суох, хаачыстыбалаах уонна ыраастаммыт уунан хааччыйаллар.
Ууну ыраастыыр саҥа технологиялар сүрүн уратылара — үлэ барыта толору автоматизациялаах, химическэй реагеннарга наадыйбат, ууну ыраастыырга эрдэттэн сылытыы наадата суох, ыраастанар уу бэйэҕэ турар сыаната кыра.
Быйыл сыл бүтүүтэ Сунтаар улууһун олохтоохторо ити уратылары барытын бэйэлэрэ билиэхтэрэ. Манна кэнники биэс сылга ууну ыраастыыр модульнай ыстаансыйалары тутууга, туһаныыга уонна тиэхиньикэнэн сэбилээһиҥҥэ, скважиналары үүттээһиҥҥэ уонна чөлүгэр түһэриигэ, сир аннынааҕы ууларга геологическай-чинчийэр үлэни ыытарга былааннаах үлэ барар.
Сунтаардарга ыраас уу
2019 сылтан ууну ыраастыыр саҥа модульнай ыстаансыйалар Сунтаар улууһун Кириэстээх, Сардаҥа, Устье, Күндэйэ, Элгээйи, Хордоҕой уонна Туойдаах сэлиэнньэлэригэр үлэлээтилэр. Кэккэ нэһилиэнньэлээх пууннарга ууну таһар саҥа тиэхиньикэлэр атыылаһылыннылар. Ону таһынан 2019 сыллаахха Сунтаар күөлүн тула учаастакка сир аннынааҕы уу саппааһыгар геологическай чинчийиилэр ыытылыннылар. Сууккаҕа 200‑тэн итэҕэһэ суох кубомиэтир саппаастаах икки скважина үүттэннэ, 2020 сыллаахха манна ууну ыраастыыр тэриллэр туруоруллубуттара. Геология чинчийиилэрэ ону таһынан улуус Элгээйи, Кутана, Сиэйэ, Туойдаах, Күндэйэ, Күүкэй нэһилиэнньэлээх пууннарыгар ыытыллаллар. Онтон ахсынньыга оройуон киинигэр ууну ыраастыыр саҥа ыстаансыйаны үлэлэтии былааннанар.
Сунтаар сэлиэнньэтин баһылыга Эдуард Филиппов кэпсээбитинэн, олохтоохтор бу үөрүүлээх түгэни тулуйбакка күүтэллэр.
— Саҥа водозабор сууккаҕа 500‑кэ тиийэ кубометр ууну биэриэн сөп, оттон ууну ыраастыыр ыстаансыйа сууккаҕа 1100 м3 хааччыйар кыахтаах. Ыстаансыйаҕа социальнай эбийиэктэр, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр уонна чааһынай сектор сорох дьиэлэрэ холбонуохтара. Улууска ыраас уунан хааччыйыы кыһалҕата турбута ыраатта. Ууну ыраастыыр тэрили 2006 сыллаахха, биһиэхэ Саха сирин норуоттарын спартакиадата ыытылларыгар туруорбуппут. Онон элбэх кэм ааспыта, саҥардар кэм кэлбитэ өйдөнөр.
2019 сыллаахха Сунтаар күөлгэ чинчийэр үлэлэр барбыттара. Өссө икки скважинаны быһаччы Бүлүү өрүскэ бэлэмниибит. Ол эбэтэр уунан хааччыйыы икки көрүҥэ: тас араҥанан уонна сир аннынааҕы баар буолуоҕа.
Ити курдук, АЛРОСА өйөбүлүнэн, кинилэр үптэринэн чинчийэр үлэлэр ыытылыннылар уонна ыстаансыйа тутулунна. Биһиэхэ бастакы түһүмэхпит: сэлиэнньэ киин учаастагар диэри 4 килэмиэтирдээх водоводу ууруу, баар ситимҥэ холбонуу, сылаас ууну ылар түөрт колонканы ууруу түмүктэнэр, — диэн баһылык кэпсээтэ.
Ол түмүгэр уон тыһыынча кэриҥэ киһи хаачыстыбалаах иһэр уунан хааччыллыаҕа.
Анастасия МОСКВИТИНА суруйуутуттан тылбаас
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: