Бүлүү аэропуордун инфраструктуратын эбийиэктэрэ тутуллан бүттүлэр

Share

«Эрэгийиэннэр аэропортарын сайыннарыы» федеральнай бырайыак уонна «Магистральнай инфраструктураны саҥардыы уонна кэҥэтии» (КПМИ) нацбырайыак чэрчитинэн Бүлүү аэропуордун инфраструктуратын эбийиэктэрэ тутулуннулар.

Ол курдук уматык ыскылаатын, резервуарнай паарканы, уматык операторнай ыскылаатын, хонтуруоллуур-аһарар пууну, ботурууллуур суолу, баһаарынай резервуары тутан бүтэрдилэр. Ону таһынан аэропуорт тулата күрүөлэннэ.

Билиҥҥитэ Ростехнадзортан сөптөөх түмүгү оҥорорун кэтэһэллэр. Эбийиэктэри тутуу үлэтэ судаарыстыбаннай сакаасчыт –«Ространсмодернизация» ФКУ кэтэбилинэн тутулунна диэн СӨ Тырааныспарын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

11 часов ago