Быйыл күһүн быстах хомуурга ыҥырыллан, Яков Петров Бүлүү куоратын саҥа «Молодежнай» кыбаарталыгар туттан испит дьиэтин ситэрбэккэ хаалбыта.
Бастаан утаа, Петровтар дьиэ кэргэннэрэ уһаайбаларыгар туттубут гараажтарыгар олорбуттара, эдэр хаһаайын үрдүттэн сылдьан дьиэ акылаатын түһэрбитэ, дьиэтин маһын булуммута. Быйыл сайын чугас дьонун, доҕотторун кытта дьиэ холлоҕоһун дьэндэтэн тутан таһаарбыттара.
Яков Петров быстах хомуурга балаҕан ыйын 21 күнүгэр ыҥырыллыбыта. Дьиэ кэргэн, аймахтар сүбэлэригэр дьиэ үрдүн хаар түһүөн иннинэ булгуччу бүрүйэр сорук турбута. Дьиэ бүрүллүбэккэ хааллаҕына айылҕа кубулҕаттарыгар, хаарга-самыырга, күн уотугар бэс сырдык маһа хараарар, буортурар.
Дьиэ тас үрдүн каркааһын маһа, бүрүйэр тимир атыылаһыллыбыттарын кэннэ күүстээх үлэ саҕаламмыт. Бу күннэргэ Яков аҕа кынна Геннадий Петров, убайа Василий Петров салалталарынан доҕотторо, аймахтара, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрэ, Бүлүү улууһун «Аҕа сүбэтэ» түмсүү кыттыылаахтара дьиэ сарайын каркаһын маһын туруора сылдьаллар.
«Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ». Василий Петров тутааччылар элбэх буолан дьиэ үрдүн каркааһын туруордулар да, профлииһинан бүрүйэллэрэ эрэ хааларын, элбэх үтүө дьыаланы оҥорор улуустааҕы «Аҕа сүбэтэ» түмсүү салайааччыта Юрий Тутукаров аҕалар үлэлэриттэн көҥүллэтэн, иллэҥ кэмнэригэр кэлэн тутууга күннэтэ кэриэтэ көмө буолалларын, билиҥҥи уустук кэмҥэ дьон түмсүүлээх буолара уонна бэйэ-бэйэтигэр көмөлөһөрө ирдэнэрин билиһиннэрдэ.
Петровтар дьиэ кэргэннэригэр көмөнү оҥоруу улуустааҕы быстах хомуурга ыҥырыллыбыт эр дьоҥҥо, байыаннай сулууспалаахтарга, кинилэр дьиэ кэргэннэригэр көмөнү оҥорор суһал ыстаапка быһаарыллыбыта. Ити курдук, Бүлүү улууһугар быстах хомуурга хабыллыбыт эр дьон дьиэ кэргэннэригэр быһаччы көмө оҥоһуллар.
«Олох суола» хаһыаттан.
Уһук Хоту уонна онно тэҥнээх сирдэрин олохтоохторо биэнсийэҕэ сааһынан биэс сыл иннинэ тахсыахтарын сөп. Ол…
Тохсунньу 4 күнүгэр «Саха» НКИХ саха алыптаах ырыатын «Үрдэл» музыкальнай бириэмийэтэ 2024 сыл бастыҥ ырыаларын…
Нумеролог Мариана Тимофеева 2025 сылы билгэлээтэ. Үүммүт сыл, сыыппара хараҕынан көрдөххө, тугу тосхойоруй? Үүммүт Иэйиэхсит…
Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 5 буруйу оҥоруу тахсыбыта бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар.…
Саха сиригэр национальнай бырайыактары олоххо киллэриитин алта сыл иһигэр 170 эбийиэк тутулунна: 44 оскуола, 24…
Хаҥалас оройуонугар ДПС инспектордара трассаҕа умуллубут массыыналаах суоппар кыыска көмө оҥордулар. Томороон тымныыларга массыына айаннаан…