Салгыы
Бүлүүгэ балыыһа саҥа комплекса аһыллыаҕа

Бүлүүгэ балыыһа саҥа комплекса аһыллыаҕа

10.11.2022, 14:39
Бөлөххө киир:

Бүлүүгэ ахсынньыга уопсай блоктаах  уонна хирургия отделениелардаах саҥа балыыһа комплексын  бастакы уочарата үлэҕэ киириэҕэ. Билигин эбийиэк бэлэм кэриэтэ. Уот ситимин таҥан бүтэрдилэр, аныгыскы нэдиэлэттэн мэдиссиинэ саҥа  тэриллэрин таҥар, туруорар былааннаахтар.

«Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан былырыын балыыһа икки мэндиэмэннээх таас  дьиэтин тутууну сөргүппүттэрэ. Балыыһа уопсай блоктаах уонна 26 куойкалаах,  эпэрээссийэлиир отделениелаах буолуоҕа. Аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир   мэдиссиинэ тэрилэ барыта аҕалылынна”, — диэн Бүлүү улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Егор Григорьев иһитиннэрдэ.

Ону таһынан,  саҥа балыыһа базатыгар травматология киинин арыйар былааннаахтар, Бүлүү балыыһатын травматолог-хирурдара эндопротезированиеҕа уо.д.а.   эпэрээссийэлэри оҥоруохтара.

«Биһиги маннык эпэрээссийэлэри бэйэбитигэр оҥоруохпутун уруккуттан баҕарарбыт. Идэлээх хирурдар бааллар, ол гынан баран, материальнай-тиэхиньиичэскэй база ирдэбилгэ эппиэттээбэт. Аныгы мэдиссиинискэй тэриллэрдээх саҥа комплекс үлэҕэ киирдэҕинэ, биһиги былааннарбыт туолуохтара», — диэн кэпиир  Егор Григорьев.

Онон улуус олохтоохторо  үрдүк технологиялаах  мэдиссиинискэй көмөнөн туһаналларыгар Дьокуускайга бара сатыахтара суоҕа,  тустаан көмө миэстэтигэр оҥоһуллуоҕа.  Ону таһынан Бүлүүгэ  эпэрээссийэлэнэ чугас сытар улуустар олохтоохторо эмиэ кэлиэхтэрэ.

Бүлүүгэ балыыһа комплексын бастакы уочаратын тутуу “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын бырагырааматынан ыытыллар. Балыыһа комплексын иккис уочаратын тутуу эһиил саҕаланан, 2024 сылга үлэҕэ киирэрэ былааннанар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 октября
  • 2°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: