Бүлүүгэ биэрэги бөҕөргөтөр үлэлэр

Share

Бүлүү өрүскэ биэрэги бөҕөргөтөр үлэлэр кэлэр сыл бастакы кыбартаалыгар түмүктэниэхтэрэ.

Бүгүн, атырдьах ыйын 11 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев Үөһээ Бүлүүгэ Бүлүү өрүскэ биэрэги бөҕөргөтөр үлэ хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ.
Бүгүн 2, 3, 4 №- дээх учаастактар тутар үлэлэрэ толоруллубуттар. 585 миэтэрэ уһуннаах 1 №- дээх учаастагы оҥоруу уонна 4 аппаны кутуу үлэтэ оҥоһуллаллара хаалбыт. Атырдьах ыйын 7 күнүнээҕи туругунан биэрэк уопсай кээмэйин 72 % үлэ кэриҥэ толорулунна.

Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриитэ, СИА

Үлэ ыытыллар учаастагар барыта 118 тыһыынча м3 кумах, 26 тыһыынчаттан тахса м3 кумах- гравий булкааһа, геоспан, хайа буора, үлтүркэй таас аҕалыллыбыттар.

Карьер уонна кытыл уларыйбыттарынан сибээстээн судаарыстыбаннай эспэртиисэни кытта симиэтэ докумуоннарыгар көннөрүү үлэтэ ыытылынна. Ол курдук, былырыын инженернэй чинчийиилэр түмүктэринэн судаарыстыбаннай эспэртиисэ үчүгэйдик түмүктэммит. Быйыл ыам ыйыгар – эспэртиисэҕэ тэхиньиичэскэй өттүнэн үтүө түмүктээһин ылыллыбыта. Бастаан бэрэбиэркэни СӨ cудаарыстыбаннай эспэртиисэ салалтата ыыппыт. Симиэтэ сыанатын кырдьыктааҕын туоһулуур ПСД толору кээмэйдээх отчуотун көрдөөбүттэр. Айсен Николаев биэрэги бөҕөргөтөр үлэлэри эһиил сыл бастакы ыйдарыгар олохтоммут болдьоххо бүтэрэр соругу туруорда.

«Өрүс чугас олорор дьоҥҥо олус суолталаах боппуруос. Кэлэр сыл бастакы кыбартаалыгар бөҕөргөтөр үлэлэр түмүктэниэхтээхтэр», — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Биэрэги бөҕөргөтөр үлэлэргэ билигин 15 тутааччы, 1 бульдозер, экскаватор, фронт погрузчига уонна 10 самосвал үлэлииллэр.

СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыыталыстабатын пресс-сулууспата

Бэчээккэ бэлэмнээтэ Эльдар Садовников

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн — Арассыыйа Конституциятын күнэ

Ахсынньы 12 күнэ – Арассыыйа Федерациятын Конституциятын ылыныллыбыт күнэ. 1993 сыллаахха ахсынньы 12 күнүгэр Арассыыйа…

26 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Үөһээ Халымаҕа бокуонньук суоппар гарааһын халаабыттар

Үөһээ Халыма улууһугар полиция үлэһиттэрэ бокуонньук суоппар гарааһын халааһыҥҥа уорбаланар киһини быһаардылар. Бу туһунан «МВД…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -52 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

12 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

12 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

13 часов ago