Салгыы
Бүлүүгэ Дьабыдах, Дьыыппа үрэхтэргэ муосталары тутуу түмүктэнэн эрэр

Бүлүүгэ Дьабыдах, Дьыыппа үрэхтэргэ муосталары тутуу түмүктэнэн эрэр

Ааптар:
10.10.2022, 11:06
Бөлөххө киир:

Бүлүү улууһугар Бүлүү өрүс уҥуор сытар нэһилиэктэртэн ордук Күүлэт түөрт нэһилиэктэригэр (Үгүлээт, I Күүлэт, II Күүлэт уонна Тылгыны)  саас, сайын, күһүн аллараанан сырыы адьас быстар. 

Улуус салалтата суолу оҥорууга болҕомтону ууран,  сөптөөх үп көрүллүбүтүн түмүгэр, саас, сайын, күһүн быстарыктаах кэмҥэ уустуктары үөскэтэр Дьабыдах уонна Дьыыппа үрэхтэригэр муосталары тутуу түмүктэнэн эрэр. Сотору муосталары үлэҕэ киллэрэр үөрүүлээх тэрээһин буолуоҕа. Икки эбийиэги «Сахаспецмонтаж-95» ХЭУо тутта. Бу күннэргэ  айанньыттары сордообут, ытаппыт Дьабыдах үрэххэ  40 м уһуннаах  муостаны тутуу түмүктэннэ. Суол бэлиэлэрин туруоруу, даамба кытыыларын чиҥэтии хаалбыт.

Оттон Дьыыппа үрэххэ 67 м уһуннаах  муостаны тутуу сэтинньи ортотун диэки түмүктэниэҕэ. Билигин  муоста балаһаларын тэлгэтии барар турар. Икки эбийиэги тутууга Бүлүү улууһун бүддьүөтүттэн 274 мөл. солк тыырыллыбыт. Онон муосталар үлэҕэ киирдэхтэринэ, Күүлэт түөрт нэһилиэгин олохтоохторо (Үгүлээт, I Күүлэт,  II Күүлэт уонна Тылгыны) саас, сайын, күһүн эрэйи көрсүбэккэ айанныахтара. Аҕыйах сыллаахха диэри ити үрэхтэри дьон тыынан туораан, утары кэлбит тимир көлөлөрүнэн салгыы дойдуларыгар тиийээччилэр. Ону тэҥэ, ити үрэхтэр ахсынньы, тохсунньу тымныыларын кэмигэр тааҥнаан,  айаны-сырыыны лаппа атахтааччылар. Мантан инньэ оннук эрэйдээх айан умнуллуо буоллаҕа

Бүлүү улууһун дьаһалтатын  бырамыысыланнаска отделын салайааччы Иннокентий Петров: «Икки эбийиэги тутуу этэҥҥэ барда. Суол-иис мөлтөҕүттэн сылтаан тутуу матырыйаалын аҕалыыга бытаарыы тахсыбыта эрээри, тутааччылар этэҥҥэ түмүктээн эрэллэр «, — диэн иһитиннэдэ.

Салгыы видео-устууну көрүҥ. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: