Бүлүүгэ дьахтар 32 киилэлээх гиирэни уонна аккумуляторы уорбут

Share

Бүлүү оройуонугар полицияҕа олохтоох киһи дьиэтин иһиттэн маллары уорбуттарын туһунан сайабылыанньа суруйбут.

Кини дьиэтиттэн 32 киилэлээх гиирэ уонна аккумулятор сүппүт. Материальнай хоромньу 15 000 солк. буолбут. Бу туһунан Саха сиринээҕи ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ уорууга кыттыгастаах 40 саастаах дьахтары туппутар. Силиэстийэ быһаарыытынан, уорбаланааччы эмсэҕэлээччи эр киһини кытары дьиэтигэр арыгы испиттэр. Биир түгэни туһанан, дьахтар дьиэ иһиттэн аккумуляторы уонна 32 киилэлээх гиирэни уоран таһааран кистээбит. Ол кэннэ хара санаалаах дьахтар уоруллубут маллары атыылаабыт, харчыны арыгыны атыылаһарга туттубут.

Уоруллубут маллары төнүннэрдилэр. Холуобунай дьыала тэрилиннэ. Хара санаалаах дьахтар биэс сылга диэри болдьоххо көҥүлэ быһыллыан сөп.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
5
+1
1
+1
14
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

3 часа ago