Бүлүүгэ Дьокуускайдааҕы мэдиссиинискэй кэллиэс филиала аһылынна

Share

Өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэх кыһатын бу алтыс филиала буолар.

Балаҕан ыйын 19 күнүгэр  Бүлүүтээҕи идэтийбит-педагогическай кэллиэс уонна Бүлүү кииннэммит оройуоннааҕы балыыһатын базаларыгар Дьокуускайдааҕы мэдиссиинискэй кэллиэс салаата үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна.

Хаартыска: Бүлүү улууһун дьаһалтата.
Хаартыска: Бүлүү улууһун дьаһалтата.
Хаартыска: Бүлүү улууһун дьаһалтата.

Дьокуускайдааҕы мэдиссиинискэй кэллиэс – кырдьаҕас үөрэх кыһата, устуоруйата 1906 сыллаахха тэриллибит Дьокуускайдааҕы биэлсэр эр дьон оскуолатыттан силис-мутук тардар. Бүгүн Дьокуускайдааҕы мэдиссиинискэй кэллиэс – инновационнай, элбэх функциялаах, араас хайысхалаах үөрэх кыһата буолар, Мииринэйгэ, Ленскэйгэ, Ньурбаҕа, Хаандыгаҕа уонна Удачнайга филиаллардаах.

Бүлүүгэ бу алтыс филиал аһылынна. Бүлүүтээҕи идэтийбит-педагогическай кэллиэс уонна Бүлүү кииннэммит оройуоннааҕы балыыһатын базаларыгар эмчит буолуон баҕалаахтар “сиэстэрэ дьыалатыгар” үөрэниэхтэрэ. Филиал устудьуона буоларга толору орто үөрэх аттестата, тустаах докумуоннар, 086у формалаах мэдиссиинискэй ыспыраапка уонна үөрэнэргэ бириэмэ эрэ наада. Кэллиэскэ кэтэхтэн үөрэх суох, күнүскү эрэ баар, бүтэрдэхтэринэ “мэдиссиинискэй сиэстэрэ/мэдиссинискэй быраат” идэлээх судаарыстыбаннай образецтаах дьупулуом бэриллэр. Бүтэһик кууруска эбии үөрэнэн, илбийээччи, косметолог, эмтиир физкултуура мэдсиэстэрэтин сэртипикээтин ылыахха сөп. Манна саамай сүрүнэ, устудьуоннар буор босхо ханна да барбакка, үлэ булалларыгар эрэллээх үөрэххэ үөрэниэхтэрэ.

Симуляционнай кылаас аһыллыытыгар баар дьону Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Винокуров, СӨ үөрэххэ, билимҥэ миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай, Дьокуускайдааҕы мэдиссиинискэй кэллиэс дириэктэрэ Дмитрий Алексеев, Бүлүүтээҕи КОБ кылаабынай бырааһа, норуот дьокутаата Егор Григорьев, Бүлүүтээҕи кэллиэс дириэктэрэ Иван Алексеев эҕэрдэлээтилэр.

Уопсастыбаннас үөрүүлээх мунньаҕар бары ыҥырыылаах дьону, устудьуоннары үөрэх, билим миниистирэ Нюргуна Соколова, улуустааҕы Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Гаврил Корякин эҕэрдэлээтилэр. “Бу бэлиэ күн мин бары устудьуоннарга, преподавателлэргэ ситиһиилээх үлэни уонна устудьуон ахсаана сылтан сыл элбии турарыгар баҕарабын”, — диэтэ Нюргуна Соколова. Былаас араас таһымыгар бары бииргэ бу кыһалҕаны туоратыыга үлэлэспиттэрин түмүгэр мэдиссиинискэй кэллиэс филиала арыллан эрэрин бэлиэтээтэ.

Биир бэлиэ түгэнинэн В.А. Вонгродскай аатынан Дьокуускайдааҕы мэдиссиинискэй кэллиэс, П.А. Петров аатынан Бүлүү кииннэммит оройуоннааҕы балыыһа уонна Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи идэтийбит-педагогическай кэллиэс икки ардыларынааҕы сөбүлэһиигэ илии баттааһына буолла. Салайааччылар илии тутустулар уонна идэтийбит мэдиссиинискэй каадырдары бэлэмниэххэ, устудьуоннар быраактыкаларын тэрийиэххэ, улууска мэдиссиинискэй үлэ таһымын үрдэтиэххэ диэн сөбүлэһиигэ илии баттаатылар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

10 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

10 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

11 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

11 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

12 часов ago