Бүгүн, муус устар 26 күнүгэр, Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө Бүлүү улууһун салалтата уонна уопсастыбаннаһа Саха сирин устуоруйатыгар ааттара көмүс буукубанан суруллубут, автономиябытын төрүттэспит, Саха сирин сайдыытыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрбит биир дойдулаахтарын чиэстээтилэр.
Кинилэртэн биирдэстэрэ, Саха АССР Ис дьыалаҕа наркомун, Совнарком салайааччытынан үлэлээбит бастакы бассабыык революционердартан холобурга сылдьар киһи, биллиилээх судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй уонна уопсастыбаннай диэйэтэл, Саха сиригэр олох саҥа саҕахтарын сахпыт, сайдыы олугун түстээбит, бүлүүлэр киэн туттар биир дойдулаахтара Степан Аржаков искибиэригэр сибэкки дьөрбөтүн ууруу сиэрэ-туома ыытылынна.
— Биһиги биир дойдулаахпыт, биллиилээх судаарыстыбаннай диэйэтэл Степан Аржаков өссө 1920 сыллаахха Саха сирэ туспа судаарыстыба буолара наадатын туһунан бастакынан тыл көтөхпүт дьонтон биирдэстэрэ. Степан Максимович икки төгүл Норуот хамыһаардарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн (билиҥҥинэн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ) үлэлээбитэ.
Ол иннинэ хас да комиссариакка сэкиритээринэн (билиҥҥитэ миниистиринэн) үлэлээн,
Саха сирэ сайдыытыгар үгүс сыратын биэрбитэ, — диэн бэлиэтээн туран, Степан Аржаков чугас дьонун кытта сибээстэһэллэрин туһунан улуус баһылыга Сергей Винокуров санаатын үллэһиннэ.
Улуус дьокутааттарын мунньаҕын сэбиэтин салайааччы Гаврил Корякин улуус ыччаттара Степан Аржаков аатыгар тирэҕирэн, кини дьыалатын салҕыылларыгар эрэнэрин биллэрдэ:
Суолталаах тэрээһиҥҥэ Ил Түмэн дьокутааттара, кэккэ министиэристибэ уонна биэдэмистибэ салайааччылара кыттыыны ыллылар уонна Степан Аржаков пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Эбиэттэн киэһэ улуус салалтатын уонна уопсастыбаннаһын үөрүүлээх мунньаҕа, Саха сирин сайдыытын уруйдуур-айхаллыыр дьоро бырааһынньык буолла.
Бүлүү куоратыгар иллээх дьиэ кэргэнинэн олорор араас омук дьоно национальнай таҥастарын кэтэн тахсыбыттарын, олохтоохтор уруйдаан-айхаллаан көрүстүлэр.
Ити курдук, Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө бүлүүлэр бэрт кэрэхсэбиллээх тэрээһини тэрийдилэр.
Бүгүн, сэтинньи 8 күнүгэр, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар саха биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй…
Томмот полициятын отделын дьуһуурунай чааһыгар 43 саастаах бульдозерист сайабылыанньа суруйбут. Кини саайт нөҥүө оҥочо мотуорун…
Саха сирин Хапытаалынай өрөмүөҥҥэ пуондата ВКС эрэсииминэн кылгас болдьохтоох былаан туһунан муниципалитеттары кытта мунньах ыытта.…
Амма улууһун баhылыга Степан Николаевич Кузьмин муҥхатын кэмигэр, сэтинньи 9 күнүгэр балыктыыр биригээдэлэр икки ардыларыгар…
Бүлүү оройуоннааҕы полиция отделыгар олохтоох киһи 27 тыһ.солк. тахса харчытын уорбуттарынан сайабылыанньа суруйбут. Эмсэҕэлээччи банкеттыыр…
Күн бүгүн Өлүөхүмэ улууһун олохтоохторугар социальнай суолталаах икки улахан тутуу барар турар – доруобуйа харыстабылын…