Салгыы
Бүлүүгэ Иван Мигалкин хоһооннорун ааҕыыга күрэх ыытылынна

Бүлүүгэ Иван Мигалкин хоһооннорун ааҕыыга күрэх ыытылынна

18.03.2024, 18:00
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Саха норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин быйыл 70 сааһын туоларынан, кини суруйааччы буола үүммүт кыһата – Бүлүүтээҕи профессиональнай-педагогическай кэллиэс үбүлүөйдээх тэрээһини аан бастакынан саҕалаата.

Ол курдук, олунньу 15 күнүгэр Бүлүүтээҕи профессиональнай-педагогическай кэллиэс­кэ Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах тэрээһин чэрчитинэн саха норуодунай бэйиэ­тэ Иван Васильевич Мигалкин хоһооннорунан «Кустук өҥнөөх, кымыс сыттаах сахам мандар саҥата» биирдии­лээн, бөлөҕүнэн ааҕыы күрэҕэ ыытылынна.

Күрэх саҕаланыан иннинэ Бүлүүтээҕи кэллиэс алын кы­­лаас учууталларын бэлэмниир салаатын 312 бөлөҕүн устудьуо­на Порядина Сахаяна быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ орто анал үөрэхтээһин иһинэн ыытыллыбыт “Идэҕэ инники хардыы” устудьуоннар научнай-бырактыычаскай кэмпириэнсийэлэригэр «П.Н. Тобуруокап уонна И. В. Мигалкин оҕолорго уус-­уран айымньылара: майгыннаһар уонна уратылаһар өрүттэрэ» диэн үлэни ситиһиилээхтик көмүскээбитин туһунан кылгастык кэпсээтэ.

Күрэхтэһии олус истиҥник-иһирэхтик ааста. Уопсайа, 27 устудьуон, ол иһигэр 19 уол, 8 кыыс кытынна. Ааҕыыга кэллиэс араас салааларыгар үөрэнэр оҕолор көхтөөхтүк кыттыбыттара кэрэхсэнэр.

Биирдиилээн ааҕааччыларга:
I – Николаев Күндүл, 152 бөлөх “Сырдык иэйиилээх тапталбыт”;
II – Егорова Моника, 172 бөлөх “Таптал”;
III – Федоров Дьулус, 112 бөлөх ПВНК “Саха уолаттара”.

Бөлөҕүнэн ааҕааччыларга:
I – Уолаттар бөлөхтөрө, 332 бөлөх, ОТЭ «Кылааспытыгар ыарыһах уол баара»;
II – Уолаттар бөлөхтөрө, 242 бөлөх ОТЭ « Мин курдук уол этиҥ»;
III – Артур Тимофеев, Сергей Андреев, Денис Афанасьев «Киэн тутун, саха буоларгынан!»

Сахаяна ПОРЯДИНА:

Бүөтүр Тобуруокап, Иван Мигалкин…

-Хас биирдии суруйааччы уус-уран айымньыта оҕону иитэр аналлаах. Ол курдук, саха норуодунай бэйиэтэ Иван Мигалкин уус-уран суруйуулара иитэр суолталара улахан. Кини көрдөөх-нар­даах, оҕону умсугутар кэпсээн­нэрэ, хоһоон­норо саха оҕотун өйүгэр-санаатыгар хатанан хаалаллар, киһи быһыытынан иитиллиитигэр олук буолаллар. Билиҥҥи бутуурдаах кэмҥэ саха оҕотун сахалыы уус-уран айымньылары аахтаран, сиэр-майгы өттүнэн иитиэххэ наада. Учуутал билиҥҥи кыһалҕата – саха оҕото сахалыы ааҕыыта сылтан сыл аайы аҕыйаан иһиитэ. Онтон сиэттэрэн, сахалыы толкуй, сиэрдээх быһыы-майгы сайдыы бытаарар, киһити­йии кэхтэн барар. Биһиги таптыыр суруйааччыларбыт Иван Мигалкин, Бүөтүр Тобуруокап оҕолорго элбэх кэпсээннэри, хоһооннору суруйбуттара.
Иван Мигалкин Мария Ивановна салайар «Ыллык» диэн литэрэтииринэй куруһуо­гар 4 сыл дьарыктаммыт. Кини суруйааччы буолар баҕата Бүлүүтээҕи педагогическай училищеттан саҕаламмыта, айар талаана сайдан барбыта.
Талааннаах бэйиэт оҕолорго уус-уран суруйуутун иитэр суол­тата хас да араастаах: оҕону төрөөбүт дойдуну таптыырга, киэн туттарга, патриотическай өйү-санааны уһугуннарар аналлаахтар.
Иван Мигалкин оскуолаҕа киириэх иннинээҕи саас­таах оҕолорго анаан тэттик хоһооннору суруйуулара олус истиҥнэр, иһирэхтэр. Киһи өйүгэр хатанан хаалар хоһоон­норо хас оҕону үөрдүбүтэ, дууһатын туппута буолуой? Оҕоҕо аналлаах айымньыларын ойуулуур тиэмэлэрэ олус киэҥнэр. Тулалаан турар эйгэ, айылҕа, олох туһунан бары ыйытыыларыгар толору эппиэти биэрэллэр. «Күнү кытта оонньуубун», «Чычып-чаап», «Эрдэ турбут оҕолор», «Улаатарым буоллар мин» уо.д.а. Иван Мигалкин: «Күнүн аайы улаатабын», “Дьоммун үөрдүөм”, “Атыттарга холобур”, “Төбөтө үлэлиир” уо.д.а. уһуйааҥҥа эмиэ үөрэтэллэр, ааҕаллар. Бүөтүр Тобуруокап хоһоонноро оҕо аймахха көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, үөрэтиллэн иһэллэр.
Бэйиэттэр хоһоон тутулугар, куорматыгар болҕомтону эмиэ уураллар. Иккиэннэригэр хоһооннорун дорҕоонноро дьүөрэлэһэллэр, сүһүөхтэрэ кылгастар. Оҕолорго анал­лаах айымньыларын устуруокалара кылгас буоланнар, өйгө түһүмтүөлэр, өйдөнүмтүөлэр. Үксүн суруйар тиэмэлэрэ биир: айылҕа, ийэ дойду, эбээ, эһээ, оҕо саас, көтөр-сүүрэр, доҕордоһуу. Начаалынай кылаас­ка литэрэтиирэ бырагырааматыгар ордук Бүөтүр Тобуруокап үгүс хоһоонноро үөрэтиллэр эбит буоллахтарына, Иван Мигалкин хоһоонноро да, кэпсээннэрэ да ситэ-хото киирбэтэхтэрэ көстөр. Онон инникитин Иван Мигалкин айымньылара оскуола бырагырааматыгар элбэхтик киирэллэрэ буоллар диэн баҕа санаа үөскүүр.
Уратылаһар өрүттэрэ: Бүөтүр Тобуруокапка элбэх хоһоонноро сыыппара, буукуба туһунан кэпсииллэр. «Буукубалар оонньууллар», «Билэр буукубаларым», «Биир диэн тугуй?», «Уон» уо.д.а. оҕону оскуолаҕа бэлэмнииргэ, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарарга, оҕо билэ-көрө сатыырыгар туһуламмыттар.

Иван Мигалкин кырачааннарга анаа­быт хоһоонноругар эбээ, эһээ таптала күүстээҕин көрөбүт. Ааптар тус бэйэтэ сиэннэригэр ураты, эйэҕэс сыһыанын көрдөрөр: «Сиэним биирин туолла», «Сахам сирин таптыыбын» уо.д.а. Иван Мигалкин оҕолор бэтиэхэлээх саҥаларын мунньан, кыра-кыра тэттик кэпсээннэри суруйбут: “Витя сонуна”, “Моруос оҕонньор өйөбүлэ”, “Манна тоҕо суоҕуй”, “Мин үчүгэй тэллэйбин”, “Кулгаах буукуба”. Маннык көрүдьүөс кэпсээннэринэн оҕолорго аналлаах саха “Ералаһын” оҥоруохха баара диэн санааҕа кэлэбит.
Иван Мигалкин уонна Бүөтүр Тобуруокап оҕолорго суруйууларын тэҥнээн көрдөххө, ордук майгыннаһар өрүттэрэ элбэх. Иккиэн учуутал идэтигэр үөрэнэн, уһу­йааччы буолбуттара айар үлэлэригэр улахан сабыдыаллаах. Ол эрэн, Тобуруокап отуттан тахса сыл оскуолаҕа учууталлаабыт буолан, оҕолорго суру­йуутун ахсаана элбэх. Иккиэн оҕо психологиятын үчүгэйдик билэр буоланнар, хас биирдии оҕо саҥатын, тугу этиэхтээҕин, анааран көрөр толку­йун хайдах баарынан уус-ураннаан киэҥ ааҕааччыга көрдөрбүттэр. Алын кылаас бырагырааматыгар Тобуруокап хас да хоһооно киирбит, үөрэтиллэр. Айымньылара кыра­чаан оҕолору иитэр оруоллара улахан. Онон, оҕолорго Иван Мигалкин суруйуулара хаһыс да көлүөнэҕэ ааҕыллан, үөрэтиллэн бара туруохтара.

Марина Андреевна СОФРОНЕЕВА, Бүлүүтээҕи профессиональнай-педагогическай кэллиэс саха тылын уонна литэрэтиирэтин преподавателэ

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: