Бүлүүгэ оҕолор куйуурдаатылар

Share

Бүлүү улууһун Аҕалар түмсүүлэрин сэбиэтин көҕүлээһининэн, тулаайах хаалбыт, төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох сылдьар оҕолорго  «Аҕа үөрэҕэ» бырайыак чэрчитинэн үгүс тэрээһин ыытыллар.

Степан Аржаков аатынан Бүлүүтээҕи дьиэ кэргэҥҥэ иитиини өйүүр киин дириэктэрин солбуйааччы Юрий Иванович Тутукаров Аҕалар түмсүүлэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ буолар. Уол оҕону иитиигэ үгүс үлэни ыытар хамсааһыҥҥа көхтөөхтүк кыттар.

Юрий Иванович уол оҕону булка-алка сыһыаран иитии оҕо кыра сааһыттан саҕаланыахтаах диэн санааны тутуһар. Маны сэргэ, сааскы сынньалаҥ кэмигэр оҕолору илдьэ муус аннынан балыктааһын ньыматыгар уонна куйуурга үөрэппиттэр. Сэргэх тэрээһиҥҥэ оҕолор айылҕалыын алтыһан, дьиҥ саха эр киһитэ туттар булт ньымаларын кытта билсэн төһөлөөх астыммыттара буолуой?

Бу туһунан   Юрий Тутукаров санаатын үллэһиннэ:

«Аҕа үөрэҕэ» бырайыакпыт үс түһүмэхтэн турар. Ол күһүҥҥү, сааскы кэмнэргэ туһуланар. Оҕолор оскуолаҕа үөрэнэр буоланнар, үөрэх сынньалаҥын кэмигэр эрэ табыллар. Бу биһиэхэ сааскы түһүмэхпит ыытылынна. Оҕолорго куйуур, муус аннынан балыктааһын үгэстэрин билиһиннэрдибит.

"Аҕа үөрэҕэ" бырайыак тус архыыбын хаартыскалара
"Аҕа үөрэҕэ" бырайыак тус архыыбын хаартыскалара
"Аҕа үөрэҕэ" бырайыак тус архыыбын хаартыскалара
"Аҕа үөрэҕэ" бырайыак тус архыыбын хаартыскалара
"Аҕа үөрэҕэ" бырайыак тус архыыбын хаартыскалара
"Аҕа үөрэҕэ" бырайыак тус архыыбын хаартыскалара
What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

7 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

10 часов ago