Бүлүүгэ оһуокайга икки күннээх күрэс ыытылынна
Бүлүү куоратыгар оһуокайга икки күннээх күрэс үрдүк таһымнаахтык ыытыллан түмүктэннэ. Бүлүү улууһугар ааспыт кэмнэргэ аатырбыт үҥкүүһүттэрин үбүлүөйдээх сылларынан сүгүрүүйэн ыыппыттара кэрэхсэбиллээх.
Уруккута суох олох салҕаммат, утум быстыбата үчүгэй. Бу өттүгэр Бүлүүтээҕи Оһуокай уопсастыбатын бэрэссэдээтэлэ С.Т.Иванова Олоҥхо күнүгэр тэрийэн ыыппыта олус хайҕабыллаах. Финалга 17 киһи талыллан киирбититтэн, эр дьоҥҥо Аан Дархан аатын Лөкөчөөн нэһилиэгин олохтооҕо, Бүлүү улууһуттан Геннадий Петрович Харлампьев ылла. Киниэхэ алгысчыт, оһуокайдьыт, олоҥхоһут Е.С.Петров аатынан бирииһи оҕолоро туттардылар. Далбар Хотун аатын Бүлүү куоратыттан К.П.Харлампьва тиксэн, А.И.Федорова-Захарова бииргэ төрөөбүттэрин анал бирииһин, «Бүлүү кэскилэ» анал ааты Ньурбаттан В.Н.Платонв ылан, П.Н.Петров огдообото Галина Елисеевна анал бирииһин туттарда.
Улуустааҕы оһуокай сүбэтэ күрэһи тэрийэригэр үйэтитиигэ дьоннорун кыттыһыннарбыттара олус үчүгэй. Олохтоохтору таһынан Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн элбэх этээччи кэлэн кыттыбыта үөрдэр. Үөһээ Бүлүүттэн култуура уонна духуобунас управлениетын начаалынньыга Сахайта Михайловна Мойтохонова бэйэтинэн кэлэн, салайан элбэх оҕону, ыччаты аҕалан кытыннарбыта үөрүүлээх.
Оһуокай күрэһинэн көрдөххө, саҥа ыччат тахсан эрэрэрин сэргии көрдүм. Бүлүүттэн Александр Ивановы, Ньурбаттан Валерий Платоновы астына көрдүм. Оскуола үөрэнээччилэрин кытта Ньурбаҕа, Бүлүү улуустарыгар үлэлэһэ олороллорун сэргии көрдүм.
Оһуокай өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүтүн баһылыга А.Д.Данилов-Дьулуур Хаан өйөбүлүнэн улуустарбытын кытары билсиһэн, кыттыһан кэлбиппит олус туһалаах.
Марта Николаева.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: