Бүлүүгэ айылҕа гааһын уорбут олохтоох киһи буруйданна

Share

Бүлүү оройуонун суутун бириигэбэринэн олохтоох киһи буруйдааҕынан ааҕылынна.

Ол курдук, 39 саастаах Бөтүҥ олохтооҕо 2024 сыл алтынньы ыйыгар намыһах баттааһыннаах гаас турбатын эрбээбит, ол кэнниттэн 2024 с. алтынньы 16 күнүттэн 2025 сыл тохсунньу 21 күнүгэр диэри айылҕа гааһын сокуоннайа суох туһаммыт. Эр киһи гаас турбатын гарааска турар оһоҕор бэйэтэ билэринэн холбоммут. Ону таһынан бу ыйыллыбыт гаас оборудованиета ирдэбилгэ эппиэттээбэтэ биллибит.

Сокуоннайа суох быһа холбонууну полиция үлэһиттэрэ учаастагы кэрийэ сылдьан булбуттар. Түөрт ый иһигэр эр киһи 27214,61 м3 айылҕа гааһын уоран туттубут уонна «Сахатранснефтегаз» АУо 150288 солк. суумаҕа хоромньу таһаарбыт. Эр киһи буруйун билиммит уонна хоромньуну толору төлөөбүт. Суут быһаарыытынан эр киһи 100 000 солк. ыстарааптанна. Бу туһунан СӨ сууттарын холбоһуктаах пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Түөкүттэр аны сыгынньах хаартысканан куттуур буолбуттар

Түөкүттэр Оҥоһуу өй көмөтүнэн сымыйа хаартыскалары оҥорон харчы көрдүүр буолбуттар. Сыгынньах хаартыскалары оҥорон түөкүттэр социальнай…

13 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Подъезка бөҕү-сыыһы мунньар буруйдаахтар ыстарааптаныахтара

Арассыыйа олохтоохторо подъезтарга бөҕү-сыыһы мустахтарынан ыстарааптаныахтарын сөп. Ыстараап кээмэйэ 2-тэн 3 тыһыынча солкуобайга диэри, оттон…

43 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Алимены төлөөбөтөх түөрт оҕолоох ийэ сууттанна

Үөһээ Бүлүүтээҕи суут быһаарыытынан 40 саастаах дьахтар алимены төлөөбөтөҕүнэн буруйдааҕынан ааҕылынна. Ол курдук, 2023 сыллаахха…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Айтал уонна аптаах күүс» ойуулугу оҕолоргутугар көрдөрүҥ

«Айтал уонна аптаах күүс» ойуулукка куорат оҕото - Айтал туһунан кэпсэнэр. Кини сайын дэриэбинэҕэ эбэтигэр…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Норуот эмтиэкэтэ — үөрэ отун хомуйуу кэмэ

Эмтээх үүнээйини хомуйуу күнүн-дьылын халандаарынан бэс ыйын 8 күнүттэн от ыйын 1 күнүгэр диэри үөрэ…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Үөрэҕирии тиһигэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар көмө оҥоруу алгоритма оҥоһулунна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыыы кыттыылаахтарын оҕолоругар психолого-педагогическай көмөнү оҥорорго оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин бары таһымын…

2 часа ago