Бүлүүгэ тулаайах оҕолору иитэр ийэлэргэ ураты болҕомтону уураллар

Share

Соторутааҕыта Бүлүү улууһун Чочу нэһилиэгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ сылыгар анаммыт  «Амарах сүрэхтээх ийэлэр» диэн тулаайах оҕолору иитэр, көрөр-истэр эпэкиин уонна оҕо иитэ ылбыт дьиэ кэргэннэргэ аналлаах улуустааҕы тэрээһин буолан ааста.

Бу туһунан I-кы Чочу нэһилиэгин баһылыга Петр Догоюсов маннык кэпсээтэ:

— Улуус араас нэһилиэктэриттэн оҕо иитэ ылбыт дьиэ кэргэннэр оҕолорун кытта кэлэн кытыннылар. Кинилэргэ барыларыгар Бүлүү улууһун муниципалитетын аатыттан эҕэрдэ тылы, наҕараадалары, махтал суруктары туттардылар. Чочу нэһилиэгин дьаһалтатын аатыттан «Күн Ийэ» анал бэлиэни Кыадаҥда олохтооҕор, тыыл бэтэрээнигэр, Дьоруой Ийэ Ольга Томскаяҕа уонна тулаайах оҕолору иитэр, көрөр-истэр нэһилиэкпит амарах ийэлэригэр Рита Трофимоваҕа, Елизавета Томскаяҕа, Анна Окоемоваҕа, Федора Донскаяҕа, Альбина Николаеваҕа үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардым.

Бу маннык эппиэттээх соругу ылынан, тулаайах оҕолорго истиҥ тапталы, сылаас сыһыаны бэлэхтээбит ийэлэргэ анаан Чочу, Кыадаҥда ырыаһыттара бэйэлэрин ырыаларын анаатылар, эпэкиин уонна оҕо иитэ ылбыт дьиэ кэргэттэр кыттыылаах кэнсиэр буолла.  Киэҥ сааланы кыйа күн күбэй ийэлэр оҥоһуктарын, оҕолор ситиһиилэрин туоһулуур грамоталар, куубактар быыстапкалара турда. Улууспут дьиэ кэргэттэрэ итии чэйдээх остуолга тула олорон, ирэ-хоро кэпсэтэн, санаа, уопут атастаһан, оттон оҕолор барахсаттар бырааһынньыктааҕы туорду амсайан, бары да үөрэн-көтөн, сүргэбит көтөҕүллэн тарҕастыбыт.

…Ханнык баҕарар нэһилиэккэ тулаайах оҕолору иитэ, эпиэккэҕэ ылан көрө олорор төрөппүт үгүс. Онон улуустааҕы уонна олохтоох дьаһалталар тулаайах оҕолору иитэр ыалларга  суолталаах болҕомтону уураллара хайҕаллаах суол.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

1 минута ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

46 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо?  Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

3 часа ago