Бүлүүгэ кытылы тупсарыыга 150 мөл. солк. көрүллүө

Share

Бүлүү куоратыгар кытылы тупсарыы үлэтэ 2024 с. муус устар ыйыттан саҕаланыа. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев Бүлүү улууһугар сырыытыгар «Поющие пески» диэн ааттаммыт бырайыак олоххо киирэр бэлэмин бэрэбиэркэлээтэ.

«Бу бырайыак Бүтүн Арассыыйатааҕы бастыҥ бырайыактары көрүүгэ, Уһук Илин субъектарын ортотугар, тупсаҕай куорат эйгэтин тэрийиигэ бастаан 150 мөл. солк. кэриҥнээх граны ылбыта. Бырайыак олоххо киирдэҕинэ, кытыл биллэрдик тупсуо, олохтоохтор сынньаналларыгар уонна күүлэйдииллэригэр өссө биир тупсаҕай сир баар буолуо. Бу олус улахан суолталаах, олорорго табыгастаах усулуобуйа өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар да, куораттарыгар да тэриллиэхтээх», – диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Айсен Николаев кытылы көрө сылдьан, Бүлүү куоратын баһылыгар Ян Поповка тутуу хаачыстыбатын уонна бырайыак болдьоҕор олоххо киирэрин хонтуруоллууругар соруйда. Ону таһынан Ил Дархан куорат маастар-былаанын оҥорууну түргэтэргэ соруда.

Бүлүү куоратын тупсарыы бырайыага куорат былыргы, төрүттэммит өттүттэн саҕаланыаҕа. Манна былыргы Оленск куорат ураты бэлиэтэ кутуллубут (куорат бастакы аата) уонна историческай казак нэһилиэстибэтин элеменнэрэ.

«Бырайыак быһыытынан суох буолбут таҥара дьиэтэ арт-эбийиэк быһыытынан, тимир турбаларынан хомуллар-модульнай конструкциянан чөлүгэр түһэриллиэ. Бырайыагы куорат олохтоохторун уонна кырдьаҕастар ытык сүбэлэрин кытта дьүүллэһии түмүгүнэн, Никольскай таҥара дьиэтин сорҕотун хаттаан оҥорорго, оттон аҥарын өстүөкүлэ навигациятыгар көрдөрөргө этии киллэрбиттэрэ. Тыктаран көрдөрүүгэ олохтоохтор уонна ыалдьыттар таҥара дьиэтин көрүөхтэрэ», – диэн бырайыагы оҥорооччу Ил Дархаҥҥа кэпсээтэ.

Бүлүү куорат хас эмэ үйэлэр усталарыгар култууралар алтыһыыларын киининэн буолан, иккис аартыгар саха норуотун уратытын көрдөрүөхтэрэ. Ол курдук сэргэ быһыылаах көрөр башня баар буолуоҕа. Ону сэргэ башняҕа сырдатар конструкция оҥоһуллуо. Онан халлаан хараҥардаҕына сэргэттэн сэргэттэн халланы хайыһа сырдык сардаҥалар тыгыахтара. Өрүскэ түһүүгэ саха үгэһин быһыытынан, сиэри-туому тутуһарга, сири-дойдуну аһатарга аналлаах анал зона оҥоһуллуо. Итинтэн даҕаны атын Бүлүү куорат устуоруйатын кэпсиир араас тутуулар ыытыллыахтара, зоналар тэриллиэхтэрэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago