Бүгүн Поэзия аан дойдутааҕы күнүнэн уонна бэҕэһээ норуот поэта Семен Данилов төрөөбүт күнэ ааспытынан, эмиэ Альберт Бүлүүйүскэйи ахтан ылыахпын баҕардым.
Бэйэтэ олоҕун үрдүк чыпчаал сылынан 1959 сылы ааттыыр эбит. Бу сылтан кини айар-суруйар эйгэҕэ аата-суола биллибит. Айылҕаттан дьоҕурун күүскэ эрэнэр, билинэр даҕаны буолан, билии-көрүү өттүнэн таһымнаах буолан, ол саҕана саха поэзиятын уһанан-чочуйан олорор аҕа суруйааччыларга барыларыгар аҥар кырыытыттан суруйар эбит. Оҕо суруйбутун бу дьоммут болҕойон, харда сурук ыыталлар эбит! Кинилэр диэтэх дьон, сурук олус ис киирбэҕин, хас этии ахсын айар дьоҕур чаҕылыйан көстөрүн иһин «Бэйэ, бу туох оҕотой…» диэн болҕомтолорунан маанылаабыт буолуохтаахтар. Ол иһигэр, оччотооҕу Саха суруйааччыларын соҕотох сойууһун бэрэссэдээтэлэ Сэмэн Данилов эмиэ суруйбут.
Василий Гольдеровы кытта суруйсуу эдэр поэкка сүбэ-соргу, көмө өттүнэн ордук туһалаах буолбута көстөр. Холобур, Альберт ыарыһах буолан үс сыл оскуолаҕа хойутаан киирбититтэн кыбыстарын эппитигэр: «Эн үөрэххин кыайбакка үс сыл биир кылааска лаҕыйбыт буолбатаххын, эн ыалдьаҥҥын онуоха күһэллибиккиттэн кыбыстыа суохтааххын…», — диэн уол санаатын бөҕөргөппүт.
Куоракка кэлэн олус чаҕылхай талаанынан уонна таһыччы билиитинэн-көрүүтүнэн, ураты көрүҥүнэн, элэккэй майгытынан даҕаны элбэх доҕору бэйэтигэр тартаҕа… Ордук Дмитрий Дыдаевы, Василий Дедюкины, Варя Потапованы кытта бииргэлэспиттэр. Кинилэр ааттаахха-суоллаахха, сололооххо-билэлээххэ буолбакка, оччолорго эмиэ саҥа тиллибит Сергей Есениҥҥэ үҥэллэрэ, Иван Арбитаҕа сүгүрүйэллэрэ, суруйары эрэ барытын бэйэлэрин кэккэлэригэр тэҥнээн киллэрбэт дохсун санаалаахтара.
Доҕор поэттарым, суохтаан кэллим
Дорҕоонноох дохсун мөккүөрдэрбитин:
«Ким дьиҥнээх талаанынан кэлин
Кэрэхсэнэн тиллиэй?» — дэһэрбитин…
Кинилэр эргимтэлэригэр саарбах да «доҕоттор» элбэхтэрэ биллэр. Хаарчахха баппат көҥүл куттаах поэттар олох устун хардыылара түһүүлээх-тахсыылаах, дьалхааннаах даҕаны буолбута. Оннук дьоҥҥо аҕа суруйааччылар хайдах сыһыаннаһар эбиттэрий? Биир ахтыыга ааҕабыт:
«Биирдэ Альберт баһыттан атаҕар диэри саҥа мааны таҥастанан кэллэ… Бачыыҥка, көстүүм… Сэмэн Данилов таҥыннарда диэтэ…» Өссө күннүгэр «Сэмэн Данилов дьиэтигэр сылдьар эбиппин» диэн түһээбитин суруйбут. Ол аата Сойуус бэрэссэдээтэлэ дохсун санаалаах талааннаах эдэр киһини дьиҥнээхтик бүөбэйдэспит, дьиэтигэр сырытыннарбыт, таҥаһыгар тиийэ көмөлөспүт эбит. Бу түгэн Сэмэн Даниловы киһи уонна салайааччы быһыытынан олус киэргэтэр. Көҥүл куттаах поэттар кими барытын соһутардыы, абылыырдыы суһумнаат, биир-биир сууллубуттара… Оттон «Оҕонньоттор» диэбит аҕа суруйааччылара өссө да өр күн сиригэр олорбуттара. Бүлүүйүскэй бу саҥа кинигэтигэр доҕотторугар уонна суруйааччыларга анаабыт элбэх хоһооно баар. Онтон биири манна аҕалабын (Сунтаар аэропорда, 11.10.1971):
Леонид ПОПОВКА
Олоҕум хаҕыс сарсыардатыттан
Дьэбин уоһуйан, дьэбир көрүҥнэнэн,
Тымныы тыал быыһынан иһэммин,
Эмискэ поэты көрүстүм.
Эдэркээн кыыс оҕону эйэҕэс мичээринэн
Ириэрэ турар поэт эмискэ миэхэ:
— Туох буоллуҥ бу? Төбөҕүн күөрэт,
Талааннаах бэйэҥ самныма, — диэтэ.
Кырдьык даҕаны, туох буоллум бу диэн,
Кыратык үөһэ тыынаат, сэргэхсийдим:
Аҕа киһи алгыһын, кынаттыыр тылларын
Сүрэхпэр мин сүүмэрдии турдум…
Оттон тулабар — айылҕа ийэ хотун,
Илиэһэй кыыһыныы, иһиирэ турара,
Тымныы тыалларын, хаардаах хахсааттарын
Хотуттан соҕуруу кыһыйан тамныыра.
Арай санаата түспэтэх поэт
Дьону-сэргэни дьолго көҕүтэн,
Эдэркээн кыыс оҕону эйэҕэс бэйэлээхтик
Истиҥ мичээринэн ириэрэ турара.
Наталья МИХАЛЕВА-САЙА
Хаартыскалар: ааптар тиксэриилэрэ
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…
РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…
Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…