Бүлүүлэр быыбардыыр учаастактарыгар дьиэ кэргэнинэн кэлэллэр
Бүгүн дойду сүрүн быыбарын түмүктүүр күнэ. Бүлүү улууһугар 34 быыбардыыр учаастак баар, бэҕэһээҥҥи түмүгүнэн испииһэккэ баар 66,29 % киһи куоластаабыта. Бу күннэргэ Бүлүү улууһун быыбардыыр учаастактарыгар бүтүн дьиэ кэргэнинэн кэлэн куоластаан, бырааһынньыктыы настарыанньаны үөскэттилэр.
Бүлүү куоратын 143-с №-дээх быыбардыыр учаастагын бэрэссэдээтэлэ Лидия Иванова кэпсииринэн, кинилэр учаастактарыгар Надежда уонна Афанасий Слепцовтар дьиэ кэргэнинэн кэлэн куоластаабыттар. Слепцовтар дьиэ кэргэттэрэ быыбарга сахалыы таҥастаах кэлэн кытыннылар. Кинилэр бу курдук быыбарга хайдах кыттарга, үтүө үгэстэргэ үөрэтэллэр.
Улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Афанасий Михайлович социальнай харыстабыл управлениетын салаатын сэбиэдиссэйинэн, оттон иллээх кэргэн ийэлэрэ Надежда – П.А.Петров аатынан оройуоннааҕы киин балыыһа каадырга отделын исписэлииһинэн үлэлиир.
«Биһиги дьиэ кэргэн «Всей семьей – на выборы» быыбардыыр хампаанньаны өйүүбүт уонна биир дойдулаахтарбытын Арассыыйа бэрэсидьиэнин быыбарыгар куоластыырга, дойдубут салгыы сайдар кэскилин, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн үгэстэрин түстэһэргэ ыҥырабыт», — диэн Афанасий Слепцов этэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: