Салгыы
Бүлүүтээҕи ГЭС уутун ыытан саҕалаата

Бүлүүтээҕи ГЭС уутун ыытан саҕалаата

08.06.2023, 11:15
Видеоттан скрин
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 7 күнүгэр Өлүөнэ тардыытынааҕы уу салалтатын салайааччытын быһаарыытынан Бүлүү өрүскэ Бүлүү бөлөх улуустарыгар таһаҕаһы таһыыга уу сөптөөх таһымын хааччыйар сыалтан, Бүлүүтээҕи водохранилищеттан ууну бырахтарыы саҕаланна.

Таһаҕастаах суудуналар өрүһүнэн таһаҕаһы тиэйэллэригэр анаан сөптөөх уу таһымын хааччыйарга уопсайа 2,5 куб. км кэриҥнээх уу ыытыллыа.

Быйыл уу таһыма сөптөөх таһымнаах, ааспыт сылга уу аҕыйах буолан, 0,9 куб. км. эрэ бырахтарыллыбыта.

«Маннык кэриҥнээх ууну бырахтарыы Сунтаар – Ньурба учаастагар улахан суолталаах ыарахан таһаҕаһы тириэрдиигэ суудуна сылдьарыгар сөптөөх уу таһымын хааччыйыы буолар. 2023 с. Бүлүү бөлөх улуустарыгар уу суолунан 95 тыһыынча туонна таһаҕас тиэрдиллэрэ былааннанар. Онон маннык уу таһымын хааччыйар сыалтан, уу бэс ыйын бүтүөр диэри ыытыллыа», — диэн Өлүөнэ тардыытынааҕы уу салалтатын салайааччыта Петр Аргунов кэпсээтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 ноября
  • -29°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: