Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар улуустартан көмөнү тиэрдии уҕараабакка барар. Ол курдук бу күннэргэ Бүлүү дэлэгээссийэтэ тиийэн тустаах үлэни толорор.
Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Винокуров салайааччылаах дэлэгээссийэ ааспыт нэдиэлэ ортото Москваттан икки массыынанан Ростовтааҕы Дон диэки туруммуппут. Дэлэгээссийэҕэ улуус баһылыгын сэргэ Кыһыл Сыыр баһылыга Юрий Гвызин, Хаҕын баһылыга Роман Софронов, Чинэкэ баһылыга Антон Амбросьев, Бүлүү улууһунааҕы бибилэтиэкэлэр ситимнэрин салайааччы Николай Харлампьев, улуустааҕы уопсастыбаннай түмсүүлэр салайааччыта Мария Томская, солбуйааччыта Елена Сивцева уонна Бүлүү улууһун дьаһалтатын информационнай-тиэхиньиичэскэй отделын сүрүннүүр исписэлииһэ Александра Яковлева бааллар.
Дэлэгээссийэ Москваттан икки тимир көлөнү уларсан, тиийиэхтээх сирбит туһаайыытын диэки тутуста. Манна биири бэлиэтиэххэ наада. Массыыналары нэһилиэк баһылыктара бэйэлэрэ ыытан бардылар. Биир бэйэм көрдөхпүнэ, тимир көлөлөр илим хотоҕоһунуу биир кэм субулла олорор суолларыттан толлубакка, иннилэрин хоту баран иһэллэрин испэр сөҕө-махтайа истим.
Дьэ бу курдук айаннаан Воронеж куоракка этэҥҥэ кэлэн, биэс чаас курдук дьоҕус гостиницаҕа тохтоон аастыбыт. Суоппардарбыт сынньанан, утуйан ылыахтарын наада буоллаҕа. Олорсон иһээччилэр биһиги туох буолуохпутуй?
Онтон салгыы тиийиэхтээх сирбит диэри айаннаатыбыт. Утары да хайысхаҕа, барыыга да тимир көлө өссө хойдубукка дылы буолла. Халлаан халыҥ былытынан бүрүллэн тыйыһыран турар, ол быыһыгар туманнаах буолан ыыс-быдаан буолан ылар. Син халыннаҕына, тулабыт туга-ханныга көстөргө дылы. Үүнүүлэрэ былыр үйэҕэ хомуллубут киэҥ нэлэмэн бааһыналар ыраахха диэри харааран көстөллөр. Сайын манна күөх култуура арааһа үүнэн силигилээн турдаҕа. Чэ аны аһара лиирикэлээн бараары гынным быһыылаах.
Таганрогка чугаһаан истэхпит аайы баар балаһыанньа баара биллэн истэ. Онно-манна хойуу буруолаах баһаардар көстүтэлээтилэр. Инники олорооччулар өстөөхтөрбүт “көтөрдөрө” кэлэн, ньиэп баазаларын ытыалаан ааһаллар эбит диэн кэпсэтэллэр.
Таганрогка тиийиэх иннинэ Ростов уобалаһыгар саамай улахан Самбектааҕы үрдэллэр диэн 1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэрэһитэ буолан турар байыаннай-историческай түмэл комплексын аттынан аастыбыт. Санатар буоллахха, бу баараҕай өйдөбүнньүк 1980 сыллаахха ыам ыйыгар аһыллыбыт. Комплекс ол ыар сылларга, Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр норуоттар доҕордоһууларын уонна дьоруойдуу киирсиини көрдөрөрүн туһунан өрүү истэбит. Сүдү тутуу үрдүк булгунньах үрдүгэр турар, икки өттүнэн иилии барар бетонтан оҥоһуллубут тулааһын эркиннээх. Олорго барельеф ньыматынан оҥоһуллубут байыастар тураллар… Кинилэр хас биирдии хамсаныылара, сирэйдэрин-харахтарын олоруута барыта Кыайыы туһугар туруулаһыыны, киирсиини кэрэһилиир. Тимир көлө иһигэр олорооччулар ол Улуу сыллары санаан соҥуоран ыллыбыт, билиҥҥи буола турар быһыыны кытта тэҥнээн, сөптөөх быһаарыныы ылыллыбытын өссө төгүл итэҕэйбиппит ол чуолкай…
Тиийиэхтээх сирбитигэр кэлээт, байыаннай дьайыы аттынааҕы нэһилиэнньэлээх пууҥҥа аҕалбыт таһаҕаспытын сүөкээтилэр. Уолаттарбыт тустаах сакаастарын уонна көмө таһаҕаһы хас да хайысханан тиэрдэр гына сыымайдаатылар. Госпиталларга тиэрдиллэр көмөнү тирэх пууҥҥа илдьэн туттардылар. Аҕыс спортивнай матасыыкылы Ростовтааҕы Дон куоракка баар тустаах ыскылааттан ыллылар. Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар тарҕатыы саҕаланыаҕа. Дэлэгээссийэ уолаттарын күүстээх үлэ күүтэр.
Дэлэгээссийэ тустаах тирэх пууҥҥа тиийэн, гуманитарнай көмөнү уонна 8 матасыыкылы сүөкээн, онно баар уолаттары кытта үлэ хаамыытын билсэн, бу күннэргэ араас хайысхаларынан тиэрдиллиэхтээх баһыылкалары, көмөнү сыа-сым курдук тутан сыымайдаан кэбистилэр.
Сарсыҥҥытыгар эрдэттэн икки массыынанан уолаттарбыт баар туһаайыыларын диэки түһүнэн кэбистибит. Ол баран иһэн, суолу бэркэ оҥорбуттарын бары биир киһи курдук бэлиэтии көрдүбүт. Мариуполь куорат ортотунан аастыбыт. Бары билэрбит курдук, манна улахан киирсиилэр буолбуттара. Былырыын от ыйыгар сылдьарбытыгар түөрэ-лаҥкы барыар диэри илдьи тэпсиллибит уулуссалары барытын кэриэтэ чөлүгэр түһэрэн саҥардан аспааллыы сылдьар буоллахтарына, билигин көрдөххө, уулуссалар өрөмүөннэммиттэр. Куоракка саҥа олох саҕаламмыта тута харахха быраҕыллар. Арай ол кытаанах киирсиилэр ааспыттарын туоһулаан “Азовсталь” харааран-боруоран турар.
Салгыы иһирдьэ диэки киирэн, уолаттарбыт биһигини көрсүөхтээх “туочукаларыгар” тиийдибит. Бастаан утаа Горнай улууһуттан төрүттээх “Кампер” диэн позывнойдаах танкист бииргэ сулууспалыыр уолаттарын кытта кэлбитин көрүстүбүт. Кини Бүлүүттэн төрүттээх уолаттарга аналлаах баһыылканы ылан илдьэ барда. Бу курдук бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүү өрүү баар. Бу суруллубатах сокуон. Салгыы айаннаатыбыт, эмиэ ыйыллыбыт “туочукаҕа” Кыһыл Сыыртан төрүттээх “Як” диэн позывнойдаах байыаһы көрсөн, сакааһын уонна тустаах кэһиини биэрдибит. Биллэн турар, хаартыскаҕа түстүбүт. Өссө иһирдьэ киирэн, «Ээйик”, “Тугарин”, “Якут”, “Орлан”, “Бэтман” диэн хос ааттаах уолаттарбытын көрсөн, эрдэттэн сакаастаабыт, дойдуларын дьонуттан-сэргэлэрин тиийбит кэһиилэри туттартаатыбыт. Уолаттар үөрүүлэрэ адьас муҥура суох. Бары биир киһи курдук биир дойдулаахтарыгар махтал тылларын эттилэр.
Сергей Винокуров, Бүлүү улууһун баһылыга:
– Бу күннэргэ Бүлүү улууһун дэлэгээссийэтэ Запорожье эргин байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар гуманитарнай көмөнү аҕалла. Ол иһигэр улуус дьонун-сэргэтин уонна байыастар дьиэ кэргэттэрэ ыыппыт баһыылкалара, кэһиилэрэ эмиэ бааллар. Манна бэлиэтээн этиэххэ наада, Бүлүү улууһунааҕы анал пуонда тэриллибитэ, бу пуонда кыттыһан улахан көмөнү, өйөбүлү оҥордо. Уолаттарбыт биһигини кытта көрсүбүттэриттэн үөрдүлэр, махтаннылар. Биир бэйэм уолаттарбыт сүргэлэрэ, санаалара бөҕөхтөрүн, кыайыыга эрэллээхтэрин бэлиэтии көрдүм. Бары биир санаанан салайтаран, “Кыайыы биһиэнэ буолуо” дииллэр. Маннык көмө, өйөбүл инники да өттүгэр баар буолуо.
Байыаннай сулууспалаахтар атын категориялаах оҕолоругар социальнай өйөбүл эбии миэрэтэ көрүллэр буолла. Туһааннаах ыйаахха дойду Бэрэсидьиэнэ…
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Ол курдук Нерюнгри…
Нам улууһун Маймаҕа нэһилиэгэр «Хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагырааманан 4 кыбартыыралаах дьиэ…
Сунтаарга быйылгы хаар оҥоһуктарбыт уран ууһа бэрт ураты буочардаах, дьээбэ урамньылаах буолла... Бу умсугутуулаах урамньыны…
СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрбитинэн, Орто Халымаҕа 69 саастаах киһи сүппүт. Улуустааҕы биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа…
Бүгүн, ахсынньы 27 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр сорох сиринэн хаар түһүөҕэ. Соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа уонна…