Сырыыбыт бастакы күнүн былаанын быһыытынан бүтэһик “туочукаҕа” тиийдибит. Дэлэгээссийэ илдьибит матасыыкылын “Орлан” диэн позывнойдаах байыаска туттарда.
Онно тааҥка взводун хамандыыра анаан-минээн кэлэн көрсөн, Саха сирэ улахан көмөнү оҥорорун туһунан этэн туран махталын тиэртэ. Ону тэҥэ, Бүлүү дэлэгээссийэтин чилиэннэригэр махтал суруктары туттартаата. Иккис күммүтүгэр (ол аата, ахсынньы 2 күнүгэр) сарсыарда эрдэ туран тирэх пууҥҥа тиийдибит. Уолаттарбытыгар илдьиэхтээх малы-салы, баһыылкалары, тэриллэри испииһэгинэн көрөн наардаан, тимир көлөҕө тиэйдибит. Икки матасыыкылы хас да буолан көмөлөөн тиэйдибит. Бу – сарсыарда Запорожье олохтоох бириэмэтинэн аҕыс чаас ааһыыта сылдьабыт. Ити курдук сып-сап тэринэн уолаттарбыт баар сирдэрин диэки айаннаатыбыт.
Дьэ бу курдук айаннаан, эрдэ этэн аһарбыт аатырар-сураҕырар Мариуполь куоракка киирэн, эрдэ болдьоспут “туочукабытыгар” тиийэн, Бүлүүттэн төрүттээх Б. диэки сылдьар “Якудза” диэн позывнойдаах байыаһы көрүстүбүт. Суоппардыыр буолан, улахан көлөнөн анаан-минээн киирбит. Кини да ыксыыр, биһиги да элбэх “туочукаларга” сылдьыахтаах буолан, аҕыйах тылы, ол эбэтэр, этэҥҥэ сырыт диэн тыллары этээт, илии тутуһан, куустуһан баран биһиги салгыы айаннаатыбыт. К. диэн сири аастыбыт, биллэр төрүөтүнэн толору суруйбатым. Бэрт сотору буолаат, аны К.Р. диэн сэлиэнньэҕэ кэлэн, Саха сириттэн сылдьар байыаска дьоно ыыппыт баһыылкаларын атын байыаска туттардыбыт. Тустаах уол кыайан кэлбэт эбит, онон ыкса билсэр табаарыһын ыыппыт. Маннык бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүү байыаннай дьайыыга суруллубатах кытаанах сокуонунан буолар. Бириэмэ хайыы үйэ 12 чаас 26 мүнүүтэ буола охсубут. М. диэки хайысханы тутустубут уонна Г., М. диэн нэһилиэнньэлээх сирдэри аастыбыт. Болдьоммут сиргэ 13 чаас 17 мүнүүтэҕэ тиийэн кэлиэхтээх байыаспытын күүттүбүт да кэлбэтэ, байыаннай балаһыанньа буоллаҕа, бары тута кэлэ охсубаттара өйдөнөр. Онон кэтэһэн көрөн баран, аттынааҕы сиргэ биир байыас кэтэһэн турара буолуо диэн аны онно ыстаннардыбыт. Тоҕо маннык тахсара өйдөнөр, арыый иһирдьэ киирдэххэ, сибээс мэлийэр. Байыастарга эрийэр кыахпыт суох. Эрдэттэн сибээстээх сиртэн ханна көрсүөхтээх «туочука» эрдэттэн быһаарыллар. Н. диэн сиргэ тиийдибит, “Гош” диэн позывнойдаах уол хайыы үйэ бииргэ сулууспалыыр уолун кытта кэтэһэн тураллара. Баар дьон бары көмөлөөн биир тимир көлөттөн матасыыкылы сүөкээн, иккис үрдүк, улахан көлөҕө тиэйдибит. Үгэс быһыытынан хаартыскаҕа түһүү буолла. “Гош”: “Биир дойдулаахтарбар көмөҕүт иһин улахан махтал. Биһиги этэҥҥэ сылдьабыт. Кыайыы биһиэнэ буолуоҕа!” – диэн кэмчи соҕус тыллары эттэ эрээри, суолтата итинтэн хас да бүк улахан.
Салгыы маарыҥҥы сирбит диэки бардыбыт, уолбут массыынатынан утары иһэр эбит. «Флеш» диэн позывнойдаах уолбутугар этэҥҥэ буолууну баҕаран туран, көмөнү, сакааһын туттардыбыт уонна сып-сап курдук К.П. диэки ыстаннардыбыт. Бу кэмҥэ бириэмэ 14:19 этэ. 30-тан тахса мүнүүтэ курдук айаннаан, «Вилюй» диэн позывнойдаах байыаска тиийдибит. Кини байыаннай дьайыыга сылдьыбыта үһүс сылыгар барбыт. Эмиэ этэҥҥэ сылдьарын туһугар алгыс тылларын этээт салгыы бардыбыт. Бу диэки халлаан эрдэ хараҥарар, онон ыксыыр курдукпут. Мантан салгыы чугас эргин баар госпитальга тиийиэхтээхпит, киэҥ нэлэмэн бааһына кытыытынан айаннаан иһэбит, биир өттүбүтүн ойуур балаһата хаххалыыр, бириэмэ 16 чааһы ааспыт. Н. диэн нэһилиэнньэлээх пууну аастыбыт, чаас курдугунан тиийдибит. «Самурай» диэн ааттаах-суоллаах байыас Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх биир дойдулааҕын кытта хайыы үйэ кэтэһэн турара, илиитэ бааһырбыт эбит. Хантараагынан кэлбит. Аҕалбыт кэһиилэрбитин туттартаатыбыт, уолаттар барахсаттар үөрүүлэрэ муҥура суох. Халлаан ытыс таһынар хараҥа. Төттөрү баазабыт диэки түстүбүт. М. диэн сир-уот аттынан аастыбыт. Салгыы Мариуполь диэки туттубут. Мантан чаастан ордук айаннаан тиийэбит.
Бу иннинээҕи күҥҥэ сыалбытын-сорукпутун түргэнник ситэн, хараҥардыбакка, аспаал суолунан тыргытан истэхпитинэ, тимир көлөбүт иннинээҕи өстүөкүлэтин диэкинэн туох эрэ көтөрө саалынна. Тыас-уус мааны этэ. Бары да соһуйдубут. Итиччэ сааллыы кэнниттэн тыыннаах хаалбатаҕа чуолкай дэстибит уонна эрийэ тутан төннөн тиийэн көрбүппүт, арбайа сытыйан, били, фазан диэн көтөрдөрө эбит. Хайдах эрэ куртуйахха уонна аҥырга майгынныыр курдук. Уолаттарым: ”Бултуйдубут, Байанай бэристэ ээ”, – дэстилэр. Салапааҥҥа суулаан баран угуннубут. Уолаттарга Т. куоракка баралларыгар илдьэ баран, онуоха-маныаха диэри халадыынньыкка тоҥоро угуҥ диэн буолла. Ырыгана сүрдээх, тутан көрдөххө, сыа диэн ханан да сыстыбатах курдук. Арай, сибиинньэ сыатын кытта эбэн буһардахха, туох да ааттаах үһү дэстилэр, уолаттар.
“Якудза”, байыаннай дьайыы кыттыылааҕа:
– Этэҥҥэ сулууспалыы сылдьабын. Биир дойдулаахтарбар көмөҕүт иһин улахан-улахан махталбын тиэрдэбин. Биһиги хайаан да кыайыахпыт. Саамай сүрүнэ, биир санаанан салайтаран, бары түмсүүлээх буолуохпутун наада. Биһиги күүспүт – түмсүүгэ!
Дьокуускай – Запорожье.
2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн байыаннай дьайыыга кыттыбыт уонна Сэбилэниилээх күүстэр биэдэмистибэлэригэр үлэлээн бүппүттэр (уурайбыттар,…
Кырачааннары, олохтоохтору үөрдэ-көтүтэ бэҕэһээ тоһуттар тымныылаах, дьүкээбил суһумнуур ыраах хоту сытар Усуйаана улууһун Усуйаана нэһилиэгэр…
Дьокуускайга ахсынньы 14 күнүгэр Халтурин аатынан уулуссаҕа суоппар массыынанан сокуоннай сааһын ситэ илик оҕону түҥнэри…
Ил Дархан Айсен Николаев бу сыл ахсынньы 19 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин иһитиннэриэҕэ. Кини…
Ааспыт нэдиэлэ түмүгүнэн түөкүттэр Саха сирин 15 олохтоохторун албыннаабыттар. Уоруллубут үп-харчы уопсай суумата 14,1 мөл.…
2024 сыл сэтинньи 6 күнүттэн 16 күнүгэр диэри Арассыыйа Федерациятын Үөрэҕин министиэристибэтин өйөбүлүнэн “Мин көс…