Салгыы
Бырааһынньык кэмнэригэр Саха сирин олохтоохторо түөкүттэргэ 6,3 мөлүйүөн солкуобайы ыыппыттар

Бырааһынньык кэмнэригэр Саха сирин олохтоохторо түөкүттэргэ 6,3 мөлүйүөн солкуобайы ыыппыттар

12.01.2026, 13:30
Хаартыска: ЯСИА
Бөлөххө киир:

СӨ ИДьМ иһитиннэрэринэн, Саҥа дьыллааҕы өрөбүллэргэ өрөспүүбүлүкэ сэттэ олохтооҕо түөкүттэргэ түбэһэн полицияҕа үҥсүү киллэрдэ. Уопсай хоромньу 6,3 мөлүйүөн солкуобайтан тахсар.

Ньурбаҕа биир биэнсийэлээх киһиэхэ түөкүттэр Куттал суох буолуутун уорганнарын уонна Киин баан үлэһиттэрин ааттарыттан эрийбиттэр. Харчыны түөкүттэртэн куоттарабыт диэн кинилэр биэнсийэлээҕи итэҕэтэннэр, бэйэтэ мунньуммут 3,9 мөлүйүөн солкуобайтан тахса харчытын ыйбыт счеттарыгар ыыттарбыттар.

Дьокуускайга 66 саастаах лаборант дьахтар түөкүттэри кытта түөрт күн устата кэпсэппит уонна 500 тыһыынчаттан тахса солкуобай харчытын сүтэрбит. Түөкүттэр бэйэлэрин Госуслуга порталын уонна Киин баан үлэһиттэрэбит дэммиттэр.

Нам улууһун биир оскуолатын үлэһитэ иһитиннэрбитинэн, биллибэт киһи «Standoff» диэн мобильнай оонньууга табаар атыылыыбын диэн, кини уолун албыннаан, 100 тыһыынча солкуобайын уорбут.

Дьокуускайга 28 саастаах олохтоох дьахтар саайт нөҥүө биллэриинэн снегоход атыылаһыан баҕарбыт уонна түөкүттэргэ 950 тыһыынча солкуобай харчытын албыннаппыт.

Ааспыт сыл ахсынньы саҥатыгар 1-кы куурус устудьуонугар интэриниэт-маҕаһыын курьерын аатыттан эрийбиттэр. Онтон салгыы Росфинмониторинг, Куттал суох буолуутун уорганнарын уонна Киин баан «үлэһиттэрэ» сибээстэһэн, 130 тыһыынча солкуобайы ыытарыгар күһэйбиттэр.

Ленскэй оройуонун биэнсийэлээх дьахтара кирэдьиит ылаары түөкүттэр угаайыларыгар түбэспит. Түмүгэр дьахтар иэс ылбыт 198 тыһыынча солкуобайын сүтэрбит.

Түөкүттэр Хаҥалас улууһун урбаанньыт дьахтарыттан валюта уларытар аатынан 457 тыһыынча солкуобайтан тахса харчытын уорбуттар.

Онон ИДьМ үлэһиттэрэ Саха сирин олохтоохторугар билбэт дьон эрийдэхтэринэ, бэрэбиэркэлээҥ диэн сүбэлииллэр.

Бары сонуннар
Салгыы
12 января
  • -46°C
  • Ощущается: -46°Влажность: 65% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: