Салгыы
Бырааһынньыктааҕы остуолга

Бырааһынньыктааҕы остуолга

Ааптар:
04.01.2025, 16:00
СИА
Бөлөххө киир:

Хас биирдии хаһаайка бырааһынньык остуолугар саҥаттан-саҥа бүлүүдэни бэлэмнээн, дьиэлээхтэрин, чугас дьонун үөрдүөн баҕарар.

БЫАРТАН РУЛЕТ

Быары ыраастаан, сууйан, убаһа ис сыатын кытта эрийиллэр итиэннэ сымыыт, үүт, кыра­лаан бурдук эбэн мэһийиллэр, туус, тума эбиллэр.

Быар маассата блины тиэстэтинээҕэр арыый да хойуу буолуохтаах. Лииһи мас арыытынан сотон, быары чараас гына тэнитэ кутан, духуопкаҕа 200 С 15-20 мүнүүтэ устата буһарыллар. Буспут быары майонезтаан, иһигэр ыһаарыламмыт луугу, моркуобу, шампиньону кутан эрийиллэр. Рулеты ма­­йонеһынан сотуллар уонна иккистээн духуопкаҕа 150-180 С0 буһара түһүллэр. Остуолга сылаастыы ханнык баҕарар соуһу уонна гарниры кытта ууруллар.

СИБИИННЬЭ ЭТЭ

Отон барыанньатын мүөтү уонна лимон суогун кытта булку­йан, соус оҥоруллар. Эти үрдүттэн 3-4 мм гына диагональ гына быһыллар. Духуопкаҕа угуллар анал иһиккэ ууруллар, тууһаныллар, соус сыбаныллар. Ромбиктарга гвоздика дьөрбөтүн анньыллар. Духуопкаҕа 45-55 мүнүүтэҕэ уган буһарыллар (180 С кыраадыска).

Ирдэниллэр бородуукталар:

— Биир киилэ сибиинньэ этэ

— Улахан ньуоска отон барыанньата (вишня да барыанньата барсар)

— Улахан ньуоска мүөт

— Улахан ньуоска лимон суога

— Гвоздика дьөрбөтө (анал аһы тупсарар тума), хайаан да буолбатах.

— Туус. Мантан 5-6 буорсуйа тахсар.

АНАНАСТААХ САЛААТ

Ананааһы, эти, оҕурсуну, сыыры, тэллэйи кырбаан майонеһынан тумаланыллар. Грецкэй эриэхэнэн бүрүйүллэр.

Ирдэниллэр бородуукталар:

— Кэнсиэрбэлэммит ананаас

— Буспут эт

— Сибиэһэй оҕурсу

— Сыыр

— Маринованнай тэллэй

— Грецкэй эриэхэ

— Укуруоп

— Майонез.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 января
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: