Бырааһынньыктар итириктээһиҥҥэ тириэрдибэтиннэр
Бырааһынньыктар – арыгыга ылларбыт дьону угуйар төрүөттэртэн биир улаханнара уонна нэһилиэнньэ арыгыны иһэригэр сүрүн төрүөт.
Саҥа дьыл уһун сынньалаҥын иннинэ Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын исписэлиистэрэ биэрэр сүбэлэрин билсиэҕиҥ.
Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын психиатр-нарколога Светлана Шемякина:
– Cветлана Сергеевна, Саҥа дьыл бырааһынньыктара, кырдьык, наркологияҕа саамай тыҥааһыннаах ыйынан буолаллар дуо?
– Хомойуох иһин, кырдьык. Саҥа дьыл күннэригэр биһиэхэ көмө көрдүү кэлээччи эмискэ элбиир. Бырааһынньыктар нэһилиэнньэ арыгыны иһэригэр биир саамай сүрүн төрүөтүнэн буолаллар. Бырааһынньыктар киһиэхэ туох да мөкүнү оҥорбокко саҕаланар курдуктар да, сотору кэминэн үлэҕэ барбаттарын билэр буолан, “бырааһынньыктааҕы” тохтоло суох итириктээһин куһаҕан быһыыга-майгыга тириэрдиэн сөп.
– Арыгы нуормата диэн өйдөбүл баар дуо?
– Психиатр-нарколог буоларым быһыытынан, арыгы нуормата диэн өйдөбүл миигин куруук долгутар. Биһиэхэ итинник өйдөбүл адьас табыллыбат. Испиирдээх утаҕы иһэргэ нуорма диэн тугуй? Биһиги организммытыгар арыгы 0 % эбэтэр 0 промилл уонна чөл олох. Ол гынан баран, биһиги төһө да быһаара, өйдөтө сатаабыппыт иһин, дьон Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктарга (бырааһынньык биир сүрүн бэлиэтинэн шампанскай буолар) арыгыны син биир иһэрин билэбин. Оччоҕо? Шампанскайы 1-2 бакаалтан элбэҕэ суоҕу иһиэххэ.
Түгэнинэн туһанан, арыгыттан тутулуктаах дьоҥҥо уонна кинилэр аймахтарыгар, чугас дьонноругар этиэхпин баҕарабын – оннооҕор биир бакаал шампанскай тохтоло суох итириктээһин, интоксикация эбэтэр наркология диспансерыгар киирии курдук хомолтолоох содуллаах буолуон сөп. Арыгыттан тутулуктаах киһи өй-санаа эрэ өттүнэн тутулуктаммат, эт-сиин өттүнэн эмиэ тутулуктанар. Ол иһин, испиирдээх утахха тардыһыы туругун киһи тулуйбат кэриэтэ буолар уонна ол эмтэнии, доруобуйаны чөлүгэр түһэрии кууруһун да кэнниттэн хаалар. Кини баарына шампанскайы иһиэхтээҕэр буолуох, бытыылкатын да арыйыллыбат…
– Ол аата арыгыттан тутулуктаах дьон испиирдээх утаҕы олох испэттэригэр сүбэлиигин?
– Оннук! Ону таһынан хонтуруола суох төлө барыыны сэрэтиэххэ наада. Арыгыттан тутулуктаах киһи, быраабыла курдук, төлө барыан сөбүн сэрэйэр, туруга уларыйар – утуйар уута кэһиллэр, кыыһырымтаҕай, аймалҕаннаах уо.д.а. буолар. Маннык түбэлтэҕэ арыгыга тардыһыыны уҕарытар туһугар психолог көмөтүн уонна медикаментознай сенсибилизирующай эмтэниини ааһарга эрдэттэн биһиэхэ диспансерга кэлэрэ ордук.
– Уопсайынан көрдөххө, дьон «бэһиэлэйдээри» уо.д.а. иһэр…
– Хайдах да эргиппит иһин, арыгы наркотик уонна психотропнай бэссэстибэ (бытаан, ол эрээри, уодаһыннаах дьайыылаах) буоларын өйдүөхтээхпит. Арыгыттан “өрө көтөҕүллүүнү” успуордунан солбуйуохха эмиэ сөп. Тоҕо диэтэххэ, успуорт киһини олус дьиссипилиинэлиир эрэ буолбакка, киһи бэйэ бодотун тардынарыгар тириэрдэр уонна физиологическай көдьүүһү биэрэр. Успуорду “көҥүллээх наркотигынан” мээнэҕэ ааттаабаттар. Киһи этин-сиинин ноҕуруускатын кэнниттэн тас көрүҥэ уларыйара даҕаны көдьүүстээх. Киһи бэйэтин сиэркилэҕэ көрөн астынар буоллаҕына, олоҕуттан астынара эмиэ элбиир уонна бэйэтигэр эрэлэ күүһүрэр.
Иккиһинэн, сөбүлүүр идэҕинэн дьарыктаныы – хоһоон суруйуу, уруһуй, үҥкүүнэн дьарыктаныы, айаннааһын туһата тугунан да кэмнэммэт. Маны барытын үлэҕин кытта дьүөрэлиир буоллаххына олус үчүгэй. Таптыыр үлэҕиттэн хаһан да хал буолбаккын!
– Бириэмэни арыгыта суох хайдах үчүгэйдик уонна интэриэһинэйдик атаарыахха сөбүй?
– Баҕардаххына, бэйэни аралдьытынар дьарык баар буолар. Оҕолоргутун кытары катокка сылдьыахха, сөбүлүүр хоббигынан дьарыктаныахха, куорат таһыгар баран сынньаныахха, успуорт саалатыгар сылдьыахха, бассейҥҥа сөтүөлүөххэ, доҕоттору кытары көрсүһүөххэ сөп… Ханнык баҕарар тутулуктаныыттан дьиэҕэ-уокка кыра да өрөмүөн, интерьеры уларытыы олус көмөлөһөр. Оттон бириэмэни саунаҕа уонна успуорт-чэбдигирдэр комплекска ыытыы хайдах курдук астыныыны аҕаларый! Ким эрэ “ити сыаналаах, ороскуоттаах” диэҕэ. Ол гынан баран, үбү-харчыны арыгыга кутуохтааҕар уонна итириктээһин кэнниттэн наркологка, вытрезвительга уо.д.а. түбэһиэхтээҕэр быдан ордук.
Тохтоло суох итириктээһинтэн хайдах куотуохха?
Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын мэдиссиинискэй психолога Сардаана Коврова:
– “Бырааһынньыктар – арыгы уонна тохтоло суох итириктээһин” диэн сабыылаах төгүрүк хатыланарыттан куотар хас да ньыма баар.
Бастатан туран, үгүс дьоҥҥо арыгы бырааһынньыктары кытта ситимнээх. Ол иһин, бу ситими көҥү көтөргө кыһаллыы олус улахан суолталаах. Боруобаланан көрүөххэ сөп, холобур, доҕоттору кытары арыгыта суох көрсүһүүнү. Туох эмэ уларыйда дуо? Бэйэҕит туруккутун анаалыстаан көрүҥ. Баҕар, урут хампаанньа туһугар эрэ иһэргит эбитэ буолуо, дьиҥэр, арыгы иһэргэ наадыйбаккыт да буолуо? Маннык көрсүһүүлэргэ эйиэхэ көрсүһэр дьонуҥ уонна кинилэрдиин алтыһыы суолталаах.
“Арыгыга баттатыы (похмелье) – арыгыны иһэри тохтоторго сүрүн эрэллээх ньыма” диэн дойҕоҕу итэҕэйиэ суохха наада.
– Бэйэни хонтуруолланыы – чөл олох төрүтэ. Бэйэни хонтуруолланарга кыһалҕалар үөскүүр буоллахтарына тугу гыныахха?
– Бэйэни хонтуруолланыы – бэйэни хонтуруоллуур дьоҕур, бэйэ баҕатын уонна аппетитын баһыйыы. Ити сөптөөх быһаарыыны ыларга көмөлөһүөн сөп, уолҕамдьы быһаарыылар ахсааннарын аҕыйатар, ситиһиилээх, доруобай уонна дьоллоох буолары таларга көмөлөһөр.
– Бэйэни хонтуруолланар дьоҕуру хайдах тупсарылларый?
– Аан бастаан бэйэҕэ судургу уонна ситиһиллэр сыалы-соругу туруорунуохха наада. Холобур, сарсыарда биир чаас эрдэ туруу уо.д.а. Онтон сыыйа-баайа саҥа үгэс үөскүүр, бэйэҕэр итэҕэйэриҥ улаатар. Ону таһынан, бэйэҥ уоххун хонтуруолланары сатыыргар үчүгэйдик дьайар.
Бэйэҕэр үтүө санаанан сыһыаннаһыы эмиэ олус суолталаах. Кыра да кыайыы иһин бэйэҕин наҕараадалан, бэйэҕин хайҕан. Маннык сыһыан сотору кэминэн бэйэҕин олус үчүгэй киһинэн сананаргар тириэрдиэ, олоҕу дьиҥнээхтии сыаналыырга уонна бэйэҕин таптыырга үөрэтиэ.
Хонтуруолланыы туохха барытыгар бэйэни хааччахтааһын буолбатаҕын, олох балансын көрдөөһүн буоларын өйдүүр суолталаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: