Салгыы
Бырааһынньыктар кэмнэригэр сэрэхтээх буолуҥ, бу киһи “холобурун” батыһымаҥ

Бырааһынньыктар кэмнэригэр сэрэхтээх буолуҥ, бу киһи “холобурун” батыһымаҥ

15.12.2023, 18:52
Хаартыска: СӨ Борокуратууратын телеграмҥа-ханаалыттан.
Бөлөххө киир:

Алдан оройуонугар 43 саастаах киһи итирик туруктаах хаттаан уруулга олорон сууттаммыт итиэннэ эбиитин массыынатын былдьаппыт.  

Эрдэ итирик туруктаах уруулга олорон административнай эппиэтинэскэ тардыллыбыт орто саастаах киһи, балаҕан ыйыгар хаттаан итирик туруктаах «Toyota Hiace Regius» массыынаны ыытан тутуллубут.

Суут судаарыстыбаннай буруйдааччы көрүүтүн учуоттаан, бу эр киһини массыына ыытыытын кытта сибээстээх үлэнэн дьарыктанар быраабын 2 сылга быһан туран, 280 чаас күһэлэҥ үлэҕэ анаабыт.

Ону тэҥэ, сууттанааччыттан «Toyota Hiace Regius» мааркалаах массыынатын судаарыстыба дохуотугар диэн тутан ылбыттар. Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирэ илик диэбиттэр эрээри, бүтүн массыынаттан ытыс соттон хаалар соччото суох буолуо ээ. Бырааһынньыктар чугаһаатылар, иһэн баран уруулга олорумаҥ, бу киһи “холобурун” батыһымаҥ, “таҥара сэрэҕи таптыыр” диэн мээнэҕэ этиллибэт.

+1
10
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
2
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: