Бырааһынньыктарга куорат хаһаайыстыбата олохтоммут бэрээдэгинэн үлэлээтэ

Share

Киин куорат хаһаайыстыбата бырааһынньыктар кэмнэригэр олохтоммут бэрээдэгин үлэлээтэ диэн Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев Ил Дархан Айсен Николаевы кытары көрсүһүүтүгэр отчуоттаата. Бу туһунан СӨ Баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Евгений Григорьев куорат дьаһалтата өрөспүүбүлүкэ киин куоратын санитарнай туруга тупсарын туһугар ыытыллар дьаһаллар, дьаһайар хампаанньалар уонна уокуруктар үлэлэрин, ону таһынан олох-дьаһах, коммунальнай хаһаайыстыба хайдах балаһыанньалааҕын туһунан өрөспүүбүлүкэ баһылыгар иһитиннэрдэ.

«Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктар, уопсайынан, чуумпутук аастылар, куорат хаһаайыстыбата олохтоммут бэрээдэгинэн салгыы үлэлиир», – диэтэ Евгений Григорьев.

Айсен Николаев улахан тымныылар сатыылаан турар кэмнэригэр коммунальнай сулууспалар үлэлэригэр улахан болҕомтону ууралларыгар, уматык саппааһа, тиэхиньиичэскэй суолталаах солбук бородуукта, уот биэрэр саппаас источниктар үлэлииллэрин уонна уопсастыбаннай тырааныспар үлэтин-хамнаһын хонтуруоллуулларыгар сорудахтаата.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Экологическай дьыктаан ыытыллыаҕа

Ахсынньы 5 күнүгэр сарсыарда 11 чаастан Национальнай бибилэтиэкэҕэ Бүтүн Арассыыйатааҕы экологическай дьыктаан буолуоҕа. Дьыктаан сыала-соруга…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр саамай улахан хочуолунайы үлэҕэ киллэрдилэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Саха сиригэр саамай улахан хочуолунайы үлэҕэ киллэрдилэр. Хомунаалынай эбийиэк Дьокуускайга «Звезднай» уонна «Ильинка» түөлбэлэри хааччыйыаҕа.…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга Дьааҥыга халаан уутуттан көмүскүүр тутууну саҕалыахтара

Ахсынньы 4 күнүгэр Дьокуускайга Ленскэй бассейновай уокурук Сэбиэтин мунньаҕа буолан ааста. Хас да эрэгийиэн бэрэстэбиитэллэрэ,…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Түмэҥҥэ саха киинэтин сайдыытын туһунан кэпсэттилэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ "Саха киинэтин сайдыыта" диэн "төгүрүк остуол" буолла. Манна саха киинэтин…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Тыа хаһаайыстыбата

Ньурба оройуонугар Мэҥэдьэк боруода сылгытыгар бааза арыйдылар

Ньурба оройуонун Маалыкай уонна Хатыы сэлиэнньэлэригэр “Саха сүөһүтэ” генофонднай      хааһына тэрилтэтэ сылгы баазаларын…

43 минуты ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Николай Матчитов: «Үөрүүбүт уонна махталбыт муҥура суох»

Биллэрин курдук, Саха сирин сайдыытыгар улахан  үлэни ыыппыт “Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө…

56 минут ago