Быраап билиитин нууччалыы-сахалыы тылдьыта сүрэхтэннэ

Share

Бүгүн, олунньу 16 күнүгэр, Дьокуускайдааҕы өрөспүүбүлүкэтээҕи медиа-кииҥҥэ Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик дэкээдэтигэр  СӨ судаарыстыбаннай уонна официальнай тыллары оннунан хаалларыы» судаарыстыбаннай бырагырааманан «Ил Түмэн» издательскай дьиэ оҥорбут бырайыагынан «Быраап билиитин нууччалыы-сахалыы тылдьыта» кинигэ сүрэхтэниитэ буолла.

Үөрүүлээх тэрээһини «Ил Түмэн» издательскай дьиэ шеф-эрэдээктэрэ, Арассыыйа суруналыыстарын Сойууһун Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Галина Бочкарева иилээн-саҕалаан ыытта. Манна СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов, СӨ Инновацияҕа, сыыппара сайдыытыгар уонна инфокоммуникация технологиятын миниистирин солбуйааччы Александр Федотов,  СӨ Конституционнай Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алексей Ефимов, Арассыыйатааҕы юристар Ассоциациятын Саха Сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Александр Ким-Кимэн кыттыыны ыллылар.

Бырайыак салайааччыта — «Ил Түмэн» издательскай дьиэ генеральнай дириэктэрэ-кылаабынай эрэдээктэрэ  Мария Христофорова, эрэдээксийэлиир бөлөх салайааччыта — тылбаасчыт, «Күрүлгэн» сурунаал кылаабынай эрэдээктэрэ Афанасий Гуринов-Арчылан, оттон научнай эрэдээктэртылбаасчыт, ХИФУ тыл уонна норуоттар кафедратын сэбиэдиссэйэ Лидия Манчурина.

Тылдьыт дойдуга уонна чуолаан Саха сиригэр быраап билиитин эйгэтигэр туттуллар 8000-тэн тахса тиэрмин-тылтан турар. Кинигэҕэ сыһыарыы быһыытынан РФ уонна СӨ судаарыстыбаннай былааһын уорганнарын испииһэктэрэ тылбаастанан бэрилиннэ.

Бу бырайыагы олоххо киллэриигэ холобурунан учуонай-лингвист, филологическай билим дуоктара, бэрэпиэссэр, суруналыыс, тылбаасчыт Михаил Скворцов уонна судаарыстыбаннай диэйэтэл, суруналыыс, эрэдээктэр Демьян Семенов ааптардардаах 2016 сыллаахха Чебоксары куоракка бэчээтэммит «Русско-чувашский словарь правовых знаний»  кинигэ буолар.

Тылдьыт 1000 ахсаанынан  тахсыбыт. Эрэдээксийэлиир хамыыһыйаҕа Л.Е. Манчурина, С.Л. Гаврильев, Е.С. Герасимова, С.В. Иванова, А.Н. Захарова киирбиттэр. Быраап билиитин тылдьыта судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтарга, юристарга, тылбаасчыттарга, СМИ, научнай-педагогическай үлэһиттэргэ, устудьуоннарга, ону сэргэ саха тылын үөрэтэр-чинчийэр, интэриэһиргиир дьоҥҥо ананар. Бу күн Ийэ тылын сайыннарааччыларга анаан эҕэрдэлэр, истиҥ махтал тыллар этилиннилэр.

Хаартыска: Василий Прокопьев

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ уонна биир сыл иһигэр саҥа кинигэ бэчээттэнэн тахсыбытыгар Мария Христофороваҕа махтал тылларын тиэртэ.

 «Бу иннинэ, былырыын кулун тутар ыйыгар, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев тылдьыт бэчээттэнэн тахсарын бэйэтинэн алҕаабыта. Бары билэргит курдук, билигин өрөспүүбүлүкэҕэ сокуоннар икки судаарыстыбаннай тылынан тахсаллар, онон саҥа сүрэхтэммит тылдьыт бары да өттүнэн туһалаах буолуоҕа дии саныыбын. Мантан инньэ иккис кинигэ бэчээттэнэн тахсарыгар бигэ эрэллээхпин. Бу тылдьыт чахчы олус наадалаах. Кинигэ 1000 эрэ ахсаанынан таҕыста, итинэн сибээстээн инникитин оскуолаларынан, үнүстүүттэринэн, нэһилиэк бибилэтиэкэлэринэн тарҕатарга өссө эбии таһааттарыахпыт диэн былаанныыбыт. Ону таһынан бу кинигэ сыыппара эйгэтигэр баар буоларын ситиһиэхпит. Түөрт-биэс сылы кэтэспэккэ, ХИФУ юридическай факультетын үлэһиттэрин уонна юристары киллэрэр туран, тутатына оробуочай бөлөҕү тэрийэммит салгыы үлэлиэхпит», — диэтэ Анатолий Семенов.

Тылдьыт билиһиннэриитин кэмигэр эрэдээксийэлиир хамыыһыйаҕа СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников аатыттан Махтал суруктар туттарылыннылар.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биисинэс-Экспоттан» саҕалаабыт Вера Лиханова дойду таһымыгар үлэлиирдии үүннэ

"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

204 саастаах алтан чуораан

Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Садовников Горнай улууһугар тутулла турар эбийиэктэри көрдө

Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Итэҕэй-итэҕэйимэ: Дьылҕаҕа сыыппара суолтата

Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айтишниктарга үчүгэй сонун

РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Аныгы технологиялар тыа хаһаайыстыбатын хайдах уларыталларый?”

Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…

3 часа ago