Быраастар аан бастакытын бэйэлэрэ кохлеарнай имплантацияны оҥордулар
28.08.2024, 18:45
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:
Саха сирин доруобуйа харыстабылын историятыгар аан бастакытын олохтоох миэдиктэр бэйэлэрэ үрдүк технологиялаах эпэрээссийэни оҥордулар — кохлеарнай имплантацияны.
Быраас үрдүк истиэпэннээх икки кулгааҕынан үчүгэйдик истибэт 18 саастаах ыарыһаҕы эпэрээссийэлээтэ. Эпэрээссийэни өрөспүүбүлүкэ уопуттаах отохирург бырааһа, СӨ 2-с №- дээх балыыһа ЛОР отделын сэбиэдиссэйэ Иннокентий Александров салайан ыытта. Киниэхэ анестезиолог-реаниматолог Гаврил Сивцев, медбыраат-анестезист уонна операционнай медсиэстэрэ эдьиийдэрэ көмөлөстүлэр. Саха сиригэр кохлеарнай имплантацияны өссө 2018 сылга киллэрбиттэрэ. Ол эрээри, бу эпэрээссийэни федеральнай клиникалар отохирургтарын салалталарынан эрэ оҥороллоро.
+1
11
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: