Быраастар киһи куртаҕыттан баттах улахан мөчөҕүн ылбыттар
Биир кэрэ аҥаар онкология ыарыытыгар уорбаланан, балыыһаҕа киирбит. Онтон эпэрээссийэ кэмигэр быһаарбыттарынан, куртах искэнин оннугар баттах улахан мөчөҕүн (комуогун) булан ылбыттар.
Бу түбэлтэ туһунан Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа эпэрээссийэлиир сиэстэрэтэ Надежда Лазарева СИА-ҕа кэпсээтэ.
Кини кэпсээбитинэн, 18 саастаах эмтэнээччи кыайан аһаабат да, ууну испэт да буолан балыыһаҕа киирбит. Быраастар эпэрээссийэ кэмигэр кини куртаҕыттан оҕо оонньуур эрэһиинэ мээчигин саҕа кээмэйдээх мөчөҕү хостоон ылбыттар. Киһи баттаҕын уһугун (Рапунцель синдрома диэн ааттыыллар) истириэстэн уонна ыарахан санааҕа баттатыыттан ыстыан сөп дииллэр. Баттах киһи куртаҕар хас да сылы быһа сылдьыан сөп.
Билигин мэдиссиинэ биллэ сайдан, үрдүк технологиялаах тэриллэринэн туһанар буолан, итинник түбэлтэлэр тахсыбаттар.
“Бу түбэлтэ 1980-с сылларга буолбута. Мин балыыһаҕа хайыы үйэ 40 сыл үлэлиибин, онон итини үчүгэйдик өйдөөн хаалбыппыт. Эпэрээссийэ ситиһиилээхтик ааспыта. Кэлин биллибитинэн, эдэр кыыс оҕо эрдэҕиттэн баттаҕын ыстыыр идэлээх эбит”, — диэн эпэрээссийэлиир сиэстэрэ Надежда Лазарева кэпсээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: