Быраастар мобильнай биригээдэлэрэ 32 тыһ. тахса киһини көрдүлэр

Share

СӨ ГБТ «Дьокуускайдааҕы өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй балыыһа» Өрөспүүбүлүкэтээҕи көһө сылдьар биригээдэлэр киинин исписэлиистэрэ быйыл 32 753 киһини көрдүлэр, онтон 11 192-тэ – оҕо. Бу туһунан Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр.

Биэдэмистибэҕэ чуолкайдаабыттарынан, Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар 9085 бэрэстэбиитэллэрэ, ол иһигэр 4181 оҕо, мэдиссиинэ көмөтүн ыллылар. Сыл саҕаланыаҕыттан көһө сылдьар биригээдэлэр өрөспүүбүлүкэ 29 улууһугар 66 сырыыны оҥордулар.

Улахан дьоҥҥо аналлаах араас хайысхалаах биригээдэлэр Эдьигээн, Аллараа Халыма, Өлөөн, Орто Халыма, Абый, Аллайыаха, Муома, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Үөһээ Дьааҥы, Усуйаана, Эбээн-Бытантай улуустарыгар, ону таһынан Бүлүү бөлөх улуустарыгар (Ньурбаҕа, Сунтаарга, Үөһээ Бүлүүгэ) уонна Нерюнгри, Алдан, Кэбээйи, Өймөкөөн, Томпо, Уус-Алдан, Амма, Нам, Өлүөхүмэ, Хаҥалас уонна Ленскэй улуустарыгар үлэлээтилэр.

«Оҕо биригээдэлэрэ сыл аҥаарын иһигэр Анаабыр, Өлөөн, Эдьигээн, Орто Халыма, Эбээн-Бытантай, Үөһээ Дьааҥы, Булуҥ, Нерюнгри, Өймөкөөн, Муома уонна Абый улуустарыгар сырыттылар. Стоматологическай биригээдэ Эбээн-Бытантай, Аллайыаха, Эдьигээн, Уус-Маайа, Орто Халыма, Абый уонна Өлөөн улуустарын олохтоохторугар көмөлөстө. Психонаркологическай бөлөх Орто Халыма, Абый, Эбээн-Бытантай уонна Усуйаана улуустарыгар чинчийиилэри уонна консультациялары ыытта», — диэн СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтигэр кэпсээтилэр. Билиҥҥи кэмҥэ улахан дьоҥҥо аналлаах араас хайысхалаах биригээдэлэр Муома, Үөһээ Дьааҥы, Орто Халыма уонна Усуйаана улуустарыгар үлэлии сылдьаллар диэн бэлиэтэнэр. Оҕо биригээдэтэ Аллайыаха улууһугар көмөнү оҥорор. Алтынньы бүтүөр диэри оҕо биригээдэлэрэ Усуйаана уонна Үөһээ Халыма улуустарыгар, оттон стоматологическай биригээдэ Муома улууһугар көтөрө былааннанар.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Богдан Прокопьев пауэрлифтиҥҥэ Арассыыйа Куубагын боруонса мэтээлин ылла

Алтынньы 14 күнүттэн 24 күнүгэр диэри Курган куоракка пауэрлифтиҥҥэ (классическай үс көрүҥҥэ) Арассыыйа Куубага буолан…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Баһаары сэрэтэр «Саҥа дьыл» эпэрээссийэ саҕаланыа

Саҥа дьыл саҕана эбийиэктэргэ баһаартан куттал суох буолуутун ситиһэр сыаллаах, ахсынньы ыйтан "Саҥа дьыл" диэн…

34 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Больничнай төлөбүрэ тохсунньу 1 күнүттэн улаатыаҕа

2026 сылга хамнас төлөбүрүн алын кээмэйэ (МРОТ) үрдүүрүнэн, быстах кэмҥэ үлэлиир кыаҕы сүтэрии босуобуйатын алын…

39 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы 359 кыттыылааҕа реабилитацияны ааста

Өрөспүүбүлүкэҕэ  байыаннай дьайыы 359 кыттыылааҕа уонна 326 байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэттэрэ, ол иһигэр 199 оҕо, …

49 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыаннай дьайыы 914 кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ  үлэнэн хааччылыннылар

Быйыл өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэринэн байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин үлэҕэ киллэрэргэ 914 үлэ миэстэтэ…

50 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

ТУСКАР ТУҺАН: Сахалыы сон арааһын төһө билэҕин?

Дьэ, кыһыммыт кэллэ, кыһыҥҥы таҥаһы хостоон, бэлэмниэххэ наада. Өбүгэлэрбит кыыл  тириитин киэҥник туһанан, таҥас арааһын…

60 минут ago