Быраастар санитарнай эриэйсэнэн Мэдиссиинэ киинигэр киирбит оҕо туругун иһитиннэрдилэр
20.11.2024, 15:21
Мария Васильева хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:
Мииринэй оройуонуттан уксуһу иһэн айаҕын уонна куолайын сиэппит икки саастаах оҕону бэҕэһээ Мэдиссиинэ киинигэр санитарнай эриэйсэнэн аҕалбыттара. Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ бүгүн оҕо туругун иһитиннэрдэ.
Кырачаан киһи химическэй сиэтиини ылаатын кытта ыарахан туруктаах оҕону Мииринэйдээҕи балыыһаҕа киллэрбиттэр.
Бүгүн өрөспүүбүлкүэтээҕи Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ: “Сэтинньи 19 күнүгэр оҕону М.Е.Николаев аатынан Мэдиссиинэ киинин анастезиология, реанимация итиэннэ интенсивнэй терапия салаатыгар санитарнай эриэйсэнэн аҕалбыттара.
Эмтэнии түмүгэр, күн бүгүн иннин диэки сыҕарыйыы баара бэлиэтэнэр. Салгыы кэтээн көрөр уонна эмтиир инниттэн туһааннаах салааҕа көһөрөр былааннанар” – диэн тг-ханаалыгар иһитиннэрэр.
+1
4
+1
+1
+1
+1
13
+1
+1
3
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: