Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Мэдиссиинэ суһал киинин салалтата балыыһа кэлэктиибин аатыттан кырачаан эмтэнээччилэри эҕэрдэлээтэ уонна Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри туттарда, түргэнник үтүөрэллэригэр баҕарда.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа кылаабынай бырааһа Иван Иванов уонна кылаабынай бырааһы бастакы солбуйааччы Леонид Слепцов “Үтүө санаа харыйата” аһымал аахсыйаҕа кыттыһан, Ожоговай отделениеҕа оҕолор сытар отделениеларыгар уонна оҕолор өр эмтэнэр сыстыганнаах ыарыылар килиниичэскэй балыыһаларыгар сырыттылар.
Быраастар араас ыарыыны утары охсуһар кырачаан эмтэнээччилэри өйүүр наадатын илэ харахтарынан көрөн-истэн билэллэр. Оҕолорго үөрэхтэригэр ситиһиини уонна түргэнник үтүөрэн дьоллоох оҕо сааһы баҕардылар.
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…