Бырабыыталыстыбаҕа 13-с хамнас төлөбүрүн сокуонунан бигэргэтэргэ этии киллэрдилэр
Михаил Мишустин Үлэ кодексатыгар сөптөөх нуорманы киллэрэн, үлэ биэрээччилэр үлэһиттэригэр Саҥа дьыл иннинэ булгуччулаах 13-с хамнас төлөбүрүн оҥороллоругар этии киллэрдилэр.
Бу туһунан докумуоҥҥа сигэнэн ТАСС иһитиннэрдэ. Көҕүлээһин «Сиэрдээх Арассыыйа — Кырдьык иһин» баартыйа бэрэссэдээтэлиттэн Сергей Мироновтан киирбит.
«Бу этиини Арассыыйаҕа үлэ биэрээччитэ 13-с хамнас төлөбүрүн оҥорорго Үлэ кодексатыгар уларытыыны киллэрэргэ уонна бу сыл ахсынньы 20 күнүгэр хойутаабакка төлүүргэ, сокуонунан олохтоммут болдьоххо эппиэтинэһи сүктэрэгитигэр көрдөһөбүн«, — диэн докумуоҥҥа суруллубут.
Билигин 13-с хамнас төлөбүрүн үлэ биэрээччи баҕа санаатынан ыытар. Баартыйа бэрэссэдээтэлэ этэринэн, Саҥа дьыл иннинэ маннык төлөбүр үлэһиттэр санааларын үрдэтиигэ көмөлөһүө, бастатан туран, каадыр тиийбэт буолуу усулуобуйатыгар үлэ көдьүүстээҕэ көстүө. Ону таһынан маннык дьаһал намыһах дохуоттаах ыалларга Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктарга ордук бэлэмнээх буолалларыгар көмөлөһүөхтээх.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: